Бүгүн Владимир Путин Арассыыйа Бэрэсидьиэнин солотугар киирдэ. Бу бэлиэ түгэнинэн «Айар» кинигэ кыһатын генеральнай дириэктэрэ Август Егоров санаатын үллэһиннэ.
— Ааспыт быыбарга Арассыыйа олохтоохторун муҥутуур элбэх куолаһын, итэҕэлин ылбыт дойдубут Бэрэсидьиэнэ В.В.Путин дуоһунаһыгар киирдэ.
Билиҥҥи олус уустук кэмҥэ кини өссө алта сыл салайар буолбута – бүгүҥҥү күммүт ирдэбилэ. Арассыыйа күн бүгүҥҥэ диэри илдьэ кэлбит ис да, тас да бэлиитикэтин салгыы сайыннарарыгар, иилииригэр-саҕалыырыгар кыах баар буолла.
Дойдубутугар экэниэмикэҕэ, социальнай эйгэҕэ үгүс ситиһиилэр бааллар, дьоҥҥо-сэргэҕэ туһалаах, суолталаах элбэх дьаһаллар, национальнай бырайыактар, анал бырагыраамалар ылыллан үлэлииллэр. Бу барыта салҕаныан, өссө сайыннарыллан иһиэн наада.
В.В.Путин дуоһунаһыгар киирэргэ тыл этиитигэр үлэлиир саҥа болдьоҕун сүрүн, тутаах хайысхатынан “норуоту харааннааһын” диэбитэ элбэҕи кэрэһэлиир. Итини сэргэ үйэлээх үгэстэрбитин тутуһуохпут, өйүөхпүт диэн этиитин биһирии иһиттим.
Дойдубут салайааччытыгар В.В.Путиҥҥа олус бутуурдаах, ыарахан кэмҥэ үлэтигэр ситиһиилэри уонна кытаанах доруобуйаны баҕарыаҕыҥ!
Бүгүн "Саха сирин амтана" гастрономическай бэстибээл саха аһын ыалдьыттарга билиһиннэрэр "Махтал" эрэстэрээҥҥэ аһылынна. Тэрээһин Марий…
Хоту дойдуттан кэлэр сонуннар биһиэхэ олус күндүлэр. Ыраах Аллайыаха улууһун Бөрөлөөх нэһилиэгин олохтооҕо Надежда Дьяконова…
Суотту агрооскуолата элбэх көлүөнэ үөрэнээччилэрин өбүгэ үйэлээх үгэстэригэр, үлэ сатабылларыгар иитэр-үөрэтэр уопута өрөспүүбүлүкэ тас өттүгэр…
Кэбээйи улууһун уопсастыбаннаһа фронтовик суруйааччы Тимофей Сметанин төрөөбүтэ 105 сылыгар анаан бүгүн өйдөбүнньүк стелатыгар сибэкки…
Бу мин суруйаары олорор ыстатыйам дьоруойа чахчы ыстатыйа аатыгар толору барсар олоҕу олорон аастаҕа. “Биирдэ…
Бүгүҥҥүттэн, сэтинньи 25 күнүттэн, «Арктика» айан суолун 0+000 км – 187+000 км (Бурустаах м. –…