Үйэтитэр киин аһылынна

Share

Соторутааҕыта СӨ Национальнай бибилэтиэкэтигэр докумуону чөлүгэр түһэрэр уонна уһун кэмнээх харайыыга бэлэмниир киин аһылынна.

Сөптөөх быһаарыныы

2020 сыллаахха Арассыыйа бибилэтиэкэлэрин бары пуондаларын кэтээн көрүү туругунан, 12,5 мөлүйүөн сэдэх докумуонтан 25%-на суһаллык чөлүгэр түһэриигэ наадыйара быһаарыллыбыта. Ол түмүгэр, Арассыыйа Култуураҕа министиэристибэтин быһаарыытынан, Арассыыйатааҕы судаарыстыбаннай бибилэтиэкэ иһинэн докумуону уһун кэмнээх харайыыга уонна чөлүгэр түһэриигэ үлэлэһэр кииннэри тэрийэр бөдөҥ бырайыак үлэтин саҕалаабыта. Бу бырайыак сүрүн соругунан дойдубут эрэгийиэннэригэр устуоруйаҕа уонна култуураҕа үрдүк суолталаах былыргы докумуоннары кытта анал үөрэхтээх дьон үлэлииллэригэр табыгастаах, аныгы кэм ирдэбилигэр эппиэттиир анал кииннэри арыйан үлэлэтии буолар.

Онон 2030 сылга диэри 40 эрэгийиэннээҕи киин бибилэтиэкэлэр истэринэн тэриллиэхтээхтэр. Билиҥҥи кэмҥэ дойду үрдүнэн 6 киин үлэлии турар, онно эбии быйыл Саха сиригэр сэттис киин аһыллан үлэтин саҕалаата. Бу бырайыак чэрчитинэн Саха сиринээҕи киин үлэтин бастакы сылыгар 90 докумуону чөлүгэр түһэрэр, 1100 докумуоҥҥа аһыйбат кумааҕыттан анал хоруопкалары оҥорор, 1500 кинигэ эргэрбит хаҕын саҥардар соруктаах.

Далааһыннаах үлэ түстэниитин түмүгэр 2030 сылга диэри 540 ураты сэдэх докумуон уонна кинигэ пааматынньыга чөлүгэр түһэриллиэхтээх — бу СӨ Национальнай бибилэтиэкэтигэр харалла сытар чөлүгэр түһүөхтээх сэдэх докумуон 80%-на буолар.

Дьоһун сэһэргэһии, хорутуулаах ырытыһыы

СӨ Национальнай бибилэтиэкэтин докумуону чөлүгэр түһэрэр уонна уһун кэмнээх харайыыга бэлэмниир киинэ аһыллыытын чэрчитинэн бибилэтиэкэ, архыып уонна түмэл пуондаларын харыстааһын, харайыы тула дьоһун сэһэргэһии, хорутуулаах ырытыһыы буолан ааста.

Билигин өрөспүүбүлүкэ бүттүүнүн бибилэтиэкэлэрин пуондатын ахсаана 10 мөлүйүөнтэн тахсар. Докумуон пуондатын харайыыга сүбэлиир-үөрэтэр киининэн Саха сирин национальнай бибилэтиэкэтэ буолар, манна үгүс сэдэх докумуоннар харалла сыталлар. Ол курдук, өрөбөлүүссүйэ иннинээҕи Дьокуускай куорат бибилэтэкэлэрин пуондалара, бастакы улуустааҕы бибилэтиэкэлэр (Өлүөхүмэ, Бүлүү, Бороҕон) матырыйааллара, ССРС билим академията муспут пуондата, ону таһынан, улуу учуонайдар, биллиилээх суруйааччылар тус бибилэтиэкэлэрин матырыйааллара бааллар.

Арассыыйатааҕы судаарыстыбаннай бибилэтиэкэ генеральнай дириэктэрин солбуйааччы Ольга Серова билиҥҥи быыһык кэмҥэ кинигэ уонна докумуон симэлийэр кутталлааҕын өйдөөн туран, бибилэтиэкэ пуондатын харайыыга болҕомто ууруллара тоҕостооҕун бэлиэтээтэ. Кини цифровизациянан эрэ муҥурдаммакка, оннугар түһэрэр, харыстаан хаалларар атын ньымалар баалларын туһунан сырдатта, холобур, докумуоннар киэптэрин кыра формакка, ол эбэтэр пленочнай негативка көһөрүөххэ сөбүн кэпсээтэ. Маннык пленочнай негатив 500-тэн тахса сыл хараллан сытыан сөп. Негативтары дьон олорор сириттэн ыраах итиэннэ сир анныгар шахталарга, бункердарга харайаллар — маннык уопут тас дойдуларга номнуо олоххо киирэн турар.

Маны таһынан, саҥа суруллан бэчээккэ тахсар кинигэлэри биир кэлим национальнай библиографическай тиһиккэ түмүү ирдэнэр. Бу туһунан сиһилии Арассыыйатааҕы судаарыстыбаннай бибилэтиэкэ генеральнай дириэктэрин пуонданы тэрийиигэ уонна национальнай библиографияҕа солбуйааччыта Ольга Бадекина кэпсээтэ.

Холобур, 2023 сыл түмүгүнэн, 96344 кинигэ уонна брошюра Арассыыйаҕа олорор 73 араас норуоттар тылларынан тахсыбыт, бу иһигэр 1760 бэчээккэ тахсыбыт кинигэ нуучча тылынан буолбатах, ол иһигэр 241 — татаар, 160 — саха, 70 — башкир, 65 — чуваш, 37 — бүрээт, 33 даргин уонна марий, 4 — эбэҥки, 1 — дьүкээгир тылынан тахсыбыттар. Маны барытын биир кэлим базаҕа түмтэххэ, бибилэтиэкэ үлэһиттэригэр, кинигэ таһаарааччыларга, билим чинчийээччилэригэр үлэлииллэригэр табыгастаах буолуо этэ диэн этэр. Кэпсэтии түмүгэр култуура эйгэтин араас таһымнаах тэрилтэлэрэ чөлүгэр түһэриигэ бииргэ үлэлэһии хаамыытын ырытыстылар.

Ольга Серова, Арассыыйатааҕы судаарыстыбаннай бибилэтиэкэ генеральнай дириэктэрин солбуйааччы:

—250 тахса бибилэтиэкэ кыттыылаах дойду бүттүүнүн хабан ыытыллыбыт бибилэтиэкэ пуондатын кэтээн көрүү түмүгүнэн, манна харалла сытар докумуоннар уонна кинигэлэр үксүлэрэ чөлүгэр түһэриигэ наадыйаллар. Дойду сүрүн бибилэтиэкэтэ бу аһыллыбыт кииннэр үлэлэрин сүрүннүүр, үп-харчы өттүнэн өйүүр, анал тэрилинэн хааччыйар, саҥа технологиялары киллэрэн үлэлииргэ үөрэтэр, сайыннарар, кэҥэтэр сыаллаах-соруктаах. Маннык кииннэргэ үксэ 40 саастарын туола илик ыччат үлэлиирэ үөрдэр.

Афанасий Ноев, СӨ култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга миниистирэ:

— Бу күнтэн ыла бибилэтиэкэ пуондатыгар баар сыаналаах, ураты докумуоннары уонна кинигэлэри көрөргө-харайарга сүдү кыах үөскүүр. Аныгы ньымалары уонна технологиялары туһанан, докумуоннары чөлүгэр түһэриигэ эрэ буолбакка, чинчийии-үөрэтии үлэтин эмиэ ыытыаҕа.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Байыаннай эпэрээссийэ

Екатерина Снежко: «Билиҥҥи кэмҥэ барыбыт кыһалҕабыт биир»

Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…

17 минут ago
  • Сонуннар

«Орешник» ракета туһунан туох биллэрий?

РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин норуокка туһаайан этиитигэр бастакытын "Орешник" диэн саҥа комплекс туһунан иһитиннэрдэ. Кини…

19 минут ago
  • Сонуннар

Биэс модельнай бибилэтиэкэ баар буолла

2024 сылга "Култуура" национальнай бырайыагынан 5 муниципальнай модельнай бибилэтиэкэлэри киллэрдилэр. Бу иннинэ 35 маннык бибилэтиэкэни…

20 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Саха Бианкита, Бурхаат, Чуваш суруйааччыта уонна 90 сыллаах айар сойуус

Cахалыы тыллаах саамай кырдьаҕас "Чолбон" сурунаал сэтинньитээҕи нүөмэригэр кэрэхсээҥ: Саха сирин суруйааччыларын сойууһун 90 сылын…

26 минут ago
  • Сонуннар

Оҕолор нэһилиэктэрин сонунун куйаар ситимигэр таһаардылар

Өлүөхүмэ улууһун Уолбут нэһилиэгэр “Эйгэ” сынньалаҥ киин дьиэтигэр араас тэрээһин барыта буолар. Быйыл өссө биир…

45 минут ago
  • Итэҕэл
  • Куонкурус
  • Рекомендуем
  • Сонуннар
  • Уопсастыба
  • Ыйыт - хоруйдуубут

Русскай Устье туһунан документальнай киинэ уһулунна

Сэтинньи 22 күнүгэр Индигир өрүс төрдүгэр былыр-былыргыттан олохсуйан олорор Русскай Устье, Походскай сэлиэнньэлэр олохтоохторун устуоруйаларыгар,…

1 час ago