Ыйыт-хоруйдуубут: абитуриентан ИНН ирдииллэр дуо?
Абитуриеннар үөрэх туттарса куоракка кэллилэр. Ыйыталлара, мунаахсыйаллара элбэх. ИНН туһунан ыйытыыга Арассыыйа ФНС СӨ управлениетын 1 №-дээх Судаарыстыбаннай өҥөнү оҥорууга отделын ыстаарсай судаарыстыбаннай нолуок иниспиэктэрэ хоруйдаата.
– Биһиги хоту дойдуга олоробут. Кэлии-барыы олус ороскуоттаах, онон быйыл оскуоланы бүтэрбит кыыспытын соҕотохтуу Дьокуускайга ыыттыбыт. Оҕобутугар ИНН наада үһү, хантан ылабын диир. Ол абитуриеннар ИНН ылыахтаахтар дуо?
Абитуриент төрөппүттэрин ыйытыыларыгар Арассыыйа ФНС СӨ управлениетын 1 №-дээх Судаарыстыбаннай өҥөнү оҥорууга отделын ыстаарсай судаарыстыбаннай нолуок иниспиэктэрэ Татьяна Александровна Маркова маннык хоруйдаата:
– Орто анал уонна үрдүк үөрэх кыһаларыгар үөрэҕи салгыырга эбэтэр туттарсан киирэргэ оскуоланы бүтэрбит оҕолорго нолуогу төлөөччүнү туоһулуур нүөмэр (ИНН) ирдэнэр буоллаҕына, нолуок уорганыгар кэлбэккэ эрэ докумуон ылар кыахтаахтар.
Маны тэҥэ ИНН оскуола үөрэнээччилэрэ сайыҥҥы кэмҥэ үлэлиир буоллахтарына, эмиэ ирдэнэр.
Физическэй сирэйи учуокка туруорар туһунан сибидиэтэлистибэни босхо уонна ханнык баҕарар табыгастаах кэмҥэ ылар кыаллар. Ону ыларга хас да ньыма баар уонна электроннай көрүҥүнэн түргэнник оҥоһуллар:
– Судаарыстыбаннай уонна муниципальнай өҥөлөр биир кэлим порталларыгар (ЕПГУ) – “Штрафы Налоги” сыһыарыыга киириҥ, салгыы “Получение ИНН” баттааҥ;
– Арассыыйа ФНС саайтыгар “Сведения об ИНН физического лица” электроннай сервискэ “Узнать ИНН” форманы толоруҥ: араспаанньаҕытын, ааккытын, аҕаҕыт аатын уонна пааспаргыт туһунан чахчылары ыйыҥ. Ол түмүгэр Нолуогу төлөөччү биир кэлим судаарыстыбаннай реестрэ PDF көрүҥүнэн нолуок уорганын күүһүрдүллүбүт илии баттааһыннаах оҥоһуллар;
– Арассыыйа ФНС “Личный кабинет налогоплательщика для физических лиц” сервиһигэр эбэтэр “Налоги ФЛ” мобильнай барылга киириҥ – “Профиль” сыһыарыыга булгуччу киириэхтээххит (үөһээ уҥа муннукка араспаанньаҕытын, ааккытын, аҕаҕыт аатын баттааҥ), “Сведения” – “Свидетельство ИНН”, салгыы “Заполнить заявление” толоруҥ уонна сибидиэнньэлэргитин киллэрэн баран, “Получить” кунуопканы баттааҥ.
Санатан эттэххэ, электроннай сибидиэтэлистибэ дуоһунастаах киһи илии баттаабыт уонна нолуок уорганын бэчээтинэн бигэргэппит кумааҕы куоппуйатын курдук юридическай өттүнэн билиниллэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: