Саха драматическай тыйаатырын артыыстара Өлүөхүмэ улууһун Ааннааҕын диэки кэлбэтэхтэрэ үйэ аҥаара буолан эрэр. Урут суол суоҕуна, артыыстар аһаҕас массыынанан сылга иккитэ кэлэн пьеса көрдөрөн бараллара. Билигин суол үчүгэйигэр, массыына дэлэйигэр отой да кэлбэттэр. Хам-түм Дьокуускайтан чугас улуустары кэрийбиттэрэ иһиллэр.
Биһиги артыыстары билигин отой билбэппит. Бэйэлэрин төрүт дойдуларын дьонугар биллибэккэ олорон, хайдах Аан дойду таһымыгар тахсан, биллиилээх артыыс аатын ылалларын сөҕөбүт эрэ. Атын тыйаатырдартан ТЮЗ эмиэ сүппүтэ ыраатан эрэр. Арай “Көөчөөн Көрө” соторутааҕыта биллибитэ, ол кэннэ эмиэ сүттэ. Маны тыйаатыр салалтата туох дии саныыра буолла?
Николай Сафонов-Тыаһыт
Ааҕааччы суругар Былатыан Ойуунускай аатынан Саха академическай тыйаатырын дириэктэрэ, СӨ үтүөлээх артыыһа Петр Тимофеевич Макаров эрэдээксийэҕэ маннык хоруйу ыытта:
— Саха тыйаатырын труппата, үгэс быһыытынан, үс-түөрт биригээдэҕэ арахсан, өрөспүүбүлүкэбит араас улуустарыгар Сааскы гастролларга айанныыр. Гастролга бардахпытына, төһө кыалларынан хас биирдии ыраах, кыра нэһилиэги хаба сатыыбыт. Испэктээкиллэри көрдөрөрбүт таһынан, тиийбит нэһилиэкпит олохтоохторун, оскуола оҕолорун кытары хайаан даҕаны көрсөбүт.
Өлүөхүмэ улууһугар 2016 сыллаахха сылдьыбыппыт, куораты, нэһилиэктэри барытын хабан гастроллаабыппыт. Былатыан Ойуунуускай “Оҕоҕо баҕарбыт”, Алампа Соппуруонап “Олох дьэбэрэтэ” испэктээкиллэрин, итиэннэ кыра көрөөччүлэрбитигэр анаан Николай Лугинов “Кустук” испэктээкилин көрдөрбүппүт.
Саха тыйаатырын труппата сорох улуустар нэһилиэктэригэр гастроллаабатаҕа олох ыраатта, холобура, Орто Халыма Березовка сэлиэнньэтигэр 47 сыл буолан баран, быйыл дьэ тиийдибит. Ол курдук быйылгы Сааскы гастролларбытыгар түөрт биригээдэнэн биэс хотугу улууска уонна Таатта, Бүлүү, Томпо оройуоннарыгар сырыттыбыт. Онон киэҥ-нэлэмэн өрөспүүбүлүкэбитигэр тэнийэн олорор күндү көрөөччүлэрбит хомойумаҥ, эһиэхэ кэмигэр хайаан да тиийиэхпит.
Дмитрий Юрьевич Петров «Магия слов» кинигэ уонна омук тылын түргэнник үөрэтэр учебник ааптара, үөрэх уонна…
Мукучу нэһилиэгэр ахсынньы 20 күнүгэр литература бары көрүҥэр таһаарыылаахтык үлэлээбит суруйааччы, суруналыыс, биир дойдулаахпыт Иван…
Сарсын, ахсынньы 24 күнүгэр, Дьокуускайга "Өрөгөй" успуорт комплексыгар эһиилги "Дыгын оонньууларыгар" сүүмэрдиир бастакы түһүмэх ыытыллыаҕа…
Ааһан эрэ ахсынньы ый тымныйан иһэн, эмиэ сылыйан барда. Онон бу нэдиэлэнэн ыйбытын түмүктээн, кэлэр…
Бүгүн, ахсынньы 23 күнүгэр, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх артыыһа Петр Петрович Пестряков төрөөбүтэ 80 сыла буолла.…
“Төбөкүй”, “чөмчөкө”, “мэйии тас сарыыта”, “тымырдаах хааҕы”... Хас биирдии киһи уорганын сахалыы өйдөбүллэрэ маннык хабааннаах…