ЫЙЫТ-ХОРУЙДУУБУТ: Баан каартатын туһунан биллэрии тахсара сөптөөх дуо?

Share

– Социальнай ситимнэринэн маннык киһи баан каартатын буллубут диэн хаартыскалаах биллэрии бөҕө кэлээччи. Ол төһө сөптөөҕүй?

Объясняем. РФ саайтка бу ыйытыыга сыһыан­наах хоруй тахсыбыт:

– Куораттааҕы холбоһуктарынан, социальнай ситимнэринэн уонна дьиэтээҕи чааттарга чугас ыалларыҥ булуллубут мал-сал туһунан биллэриилэри таһаараллар. Сүтүктээх киһи түргэнник буларын туһугар кыһанан. Ол эрээри баан каартатын маннык таһаарар табыллыбат. Манан түөкүттэр туһаныахтарын сөп. Баан каартатын сирэйигэр суруллубут чахчыларын туһанан каартаны бас билээччини албынныахтарын уонна харчытын уоруох­тарын сөп.

Ону тэҥэ социальнай ситимнэргэ суруллубуту көрөн эйиэхэ каарта туһунан чахчыны билээри хаһаайын буолбакка, туора дьон албыннаан суруйуон сөп.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
4
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Бу — интэриэһинэй. Бит-билгэ

Бит-билгэ туһунан төһө билэҕин? Киэһэ хойут дьиэҕит муостатын сууйар буоллаххытына, этэҥҥэ сылдьыыгытын, үтүө туруккутун сууйаҕыт.…

5 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Норуот маастардара сахалыы иискэ үөрэтиэхтэрэ

Бу күннэргэ Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр “Симэх” национальнай кииҥҥэ “Аттаран тигии абылаҥа алыптаах…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Мииринэй оройуонун 60 сыла

Ил Дархан Айсен Николаев мииринэйдэри оройуон 60 сылынан эҕэрдэлээтэ. Тохсунньу 27 күнүгэр Мииринэйгэ үөрүүлээх тэрээһин…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

“Эдэр ыччат — биир сомоҕо” култуурунай-спортивнай бэстибээл

Үгүлээт нэһилиэгэр “Эдэр ыччат-биир сомоҕо” култуурунай-спортивнай бэстибээл ыытылынна. Бу уопсастыбаннай диэйэтэл, бэлиитик Савва Михайлов кэриэһигэр…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

Сүбэһит: сылайыыны хайдах аһарыахха?

Эти-хааны эрчийиэххэ. Дьиэ хомуйа, ас астыы сылдьан, дьыбааҥҥа сынньана сытан, кинигэ ааҕа олорон хаан эргииригэр,…

6 часов ago
  • Кыайыы 80 сыла
  • Сонуннар

Саха сирин волонтердара “Блокада килиэбэ” аахсыйаны тэрийдилэр

Үс эдэр киһи кэлбит дьоҥҥо остуолга кэчигирэппит, оччотооҕу Ленинград блокадатыгар курдук 125 кыраамнаах килиэби кытта…

6 часов ago