Ыйыт-хоруйдуубут: Байаҥкамаакка бэбиэскэнэн кэлбэтэххэ…

Ыйыт-хоруйдуубут: Байаҥкамаакка бэбиэскэнэн кэлбэтэххэ…

23.10.2022, 10:00
Бөлөххө киир:

– Бэбиэскэ туппут киһи байаҥкамаакка кэлбэтэҕинэ ханнык төрүөттэри аахсалларый, билинэллэрий  (ыалдьыы, эчэйии, больничнай илиис, бииргэ төрөөбүттэрин ыалдьыылара эбэтэр “тиһэх суолларыгар атаарыы”)?

Байаҥкамаакка бэбиэскэнэн кэлбэтэххэ маннык төрүөттэри аахсаллар:

  • Киһи ыалдьан эбэтэр эчэйэн үлэлиир кыаҕын сүтэрдэҕинэ.
  • Аҕатын, ийэтин, эрин, ойоҕун, оҕотун, бииргэ төрөөбүт быраатын эбэтэр балтын, эһэтин, эбэтин эбэтэр ииппит киһитин ыарахан туруктара, биитэр чугас киһитин тиһэх суолугар атаарыыга кыттыбыт буоллаҕына.
  • Киһи баҕатыттан тутулуга суох дьайыы түмүгүттэн үөскээбит моһолугар (холобура, айылҕа иэдээнэ).
  • Ыҥырар хамыыһыйа аахсар атын төрүөттэрэ.

Бу төрүөттэр докумуонунан бигэргэннэхтэринэ эрэ аахсыллаллар.

Аахсыллар төрүөтүн болдьоҕо бүттэҕинэ ыҥырыллыбыт киһи хойутааһына, хаттаан ыҥырыыта  (бэбиэскэтэ) суох байаҥкамаакка кэлиэхтээх.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
11 декабря
  • -41°C
  • Ощущается: -48°Влажность: 66% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: