Ыйыт-хоруйдуубут: Бэйэ дьарыктаах хаһан нолуогу төлүөхтээҕий?
Саха сиригэр 2021 сылтан бэйэ дьарыктаах дьону өйүүр бырагыраама үлэлиир. Өҥөнү уонна табаары батарыы иһин бэйэ дьарыктаах физическэй сирэйи кытта дуогабардаспыт буоллаҕына – 4 %, оттон урбаанньыт эбэтэр хампаанньа аатыттан төлөбүр оҥоһуллубут буоллаҕына — 6% кээмэйдээх нолуогу төлүүр. Бу сырыыга «Саха сирэ» саайт ааҕааччылара бэйэ дьарыктаах төһө суума нолуогу төлүөхтээҕин туһунан ыйыттылар. Юристар маннык хоруйдууллар.
— Ыйдааҕы дохуот муҥуутуур суумата олохтоммутунан, сыллааҕы дохуот кээмэйэ 2,4 мөл. солк. куоһарыа суохтаах. Манна биири бэлиэтиир наадалаах, дохуот киирбэтэх түгэнигэр нолуок ааҕыллыбат. Холобур, бу ыйга үп-харчы киирбэтэх буоллаҕына, ити кэм күннэригэр нолуогу төлүүр ирдэммэт. Нолуогу ый ахсын бэйэ дьарыктаах ыйга биирдэ төлүүрэ ирдэнэр. Ый устата «Мой налог» сыһыарыыга бэйэ дьарыктаах киирбит харчы сууматын сибидиэнньэтин суруйан киллэрэр, ол кэннэ нолуок сулууспата суоттаан таһаарбыт нолуок сууматын кэлэр ый 12-с чыыһылатын хойутаппакка ытыахтаах. Ол кэннэ нолуогу ити ый 25-с чыыһылатыгар диэри төлөнүөхтээх.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: