Ыйыт-хоруйдуубут: Декларация туттарыахтаахпын дуо?
– Кыбартыырабын атыылаабытым. Декларация туттарыахтаахпын дуо?
Арассыыйа Федеральнай Нолуок сулууспатын Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр управлениетын судаарыстыбаннай өҥөлөрү оҥорууга отделын 1 разрядтаах исписэлииһэ Пелагея Гуляева маннык хоруйдаата:
– Дохуокка 3-НДФЛ нолуок декларациятын биэрии болдьоҕо бүтэрэ чугаһаата, 2023 сыллааҕы дохуоккутун 2024 сыл ыам ыйын 2 күнүн аһарбакка биэриэхтээххит.
Нолуок уорганыгар киирбит чахчынан 22 тыһыынча киһи дьиэтин атыылаан, бэлэхтээн уонна куортамнаан ылбыт дохуотунан 3-НДФЛ көрүҥүнэн декларациятын туттарыахтаах. Бу дьонтон 17 быр. декларациятын туттарда.
3-НДФЛ-ы үс сылтан кыра кэмҥэ бас билиигитигэр сылдьыбыт хамсаабат уонна хамсыыр баайы-дуолу атыылаан, чугас аймаҕа буолбатах киһиттэн бэлэх ылбыт, латарыайаҕа сүүйбүт, өҥөнү оҥорон уонна табаары батаран дохуот ылбыт дьон туттараллар. Ону тэҥэ дохуот төлөбүрүгэр нолуок ааҕына (үлэни биэрээччи) НДФЛ туппатах уонна ол туһунан нолуок уорганыгар биллэрбэтэх буоллаҕына, эмиэ декларация туттараҕыт.
Декларацияҕа ааҕыллыбыт НДФЛ-ы 2024 сыл от ыйын 15 күнүгэр диэри төлүөхтээххит.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: