Ыйыт-хоруйдуубут: Дьиэбэр олорботох кэммэр төлөбүрдэрбэр чэпчэтии оҥоруохтара дуо?
– Уоппускам кэмигэр сынньана бараары гынабын. Онон дьиэбэр олорботох кэммэр төлөбүрдэрбэр чэпчэтии оҥоруохтара дуо?
Ыйытыыга СӨ Тутууну уонна дьиэни-уоту кэтээн көрүүгэ управление маннык хоруйдаата:
– Өскөтүн регистрацияламмыт дьон кыбартыыраҕа 5 күн олорботох буоллахтарына, хаттаан ааҕыыга сайабылыанньа биэриэххэ сөп, ол эрээри 6 ыйтан ордуга суох кэмҥэ эрэ.
Тугу хаттаан аахтарыахха?
Бөҕү-сыыһы тиэйии иһин төлөбүрү хаттаан аахтарыахха сөп. Гааска, уокка уонна ууга эмиэ оҥотторуллар, өскөтүн счетчиккыт суох буоллаҕына уонна тиэхиньиичэскэй өттүнэн ону туруортарыы кыаллыбат түгэнигэр.
Ититии уонна дьиэ уопсай наадыйыытыгар төлөбүр хаттаан ааҕыллыбат.
Ханнык докумуоннар ирдэнэллэрий?
– Салайар хампаанньаҕытыгар сайабылыанньаҕытын, суох кэмҥитин ыйан, суруйаҕыт;
– ЕГРН-тан олорор кыбартыыраҕытын бас билиигитин бигэргэтэр быыпыска;
– Кыбартыыраҕа регистрацияламмыт дьон туһунан ыспыраапка;
– Дьиэҕитигэр олорботох кэмҥитин туоһулуур докумуон. Холобура, көппүт билиэккит эбэтэр олорбут гостиницаҕытыттан счеккут;
– Өскөтүн счетчиктаргыт суох буоллаҕына – ону туруоруу тиэхиньиичэскэй өттүнэн кыаллыбатын туһунан ыспыраапка.
Хаттаан аахтарыыга сайабылыанньаны барыаххыт иннинэ эбэтэр кэлбиккит кэннэ 30 хонук иһигэр биэриэхтээххит. Сайабылыанньаны салайар хампаанньаҕа эбэтэр ресурсанан хааччыйар тэрилтэҕэ тиксэрэҕит.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: