Ыйыт-хоруйдуубут: Эһээбитигэр туох көрүллэрий?
Ыйытыы: Быйыл этэҥҥэ сырыттаҕына, эһээбит 70 сааһын туолуохтаах. Хапытаалынай өрөмүөн төлөбүрүттэн босхолонуо дуо эбэтэр атын туох чэпчэтии көрүллэрий?
“СӨ Элбэх кыбартыыралаах дьиэлэри хапытаалынай өрөмүөннээһиҥҥэ пуондата” тэрилтэ дьиэни бас билээччилэри кытта үлэҕэ отделын начаалынньыга Саида Петрова маннык хоруйдаата:
– Хапытаалынай өрөмүөн усунуоһугар толуйуу бас билээччилэр маннык категорияларыгар көрүллэр:
– 70 саастарын туолбут соҕотох олорор үлэлээбэт дьоҥҥо, 50 % кээмэйдээх.
– 80 саастарын туолбут соҕотох олорор үлэлээбэт дьоҥҥо, 100% .
Усунуоһу толуйууну МФЦ филиалларын нөҥүө толорторуллар (8-800-222-50-70 босхо нүөмэр). Тустаах усунуоска иэстэрэ суоҕун туһунан ыспыраапка аны ирдэммэт буолбутун чопчулуубут.
Урут толуйууну ылар дьоҥҥо үбү төлөөһүнү бааннарын реквизитигэр олорор сирдэринэн Субсидия ааҕыныстыбатын нөҥүө оҥоһуллара. Аны хапытаалынай өрөмүөн усунуоһун толуйуу Саха Өрөспүүбүлүкэтин сиригэр-уотугар баар олорор дьиэни-уоту бас билээччилэр тус счеттарыгар быһа киирэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: