Салгыы
Ыйыт-хоруйдуубут: Эксээмэҥҥэ сыһыаннаах ыйытыылар

Ыйыт-хоруйдуубут: Эксээмэҥҥэ сыһыаннаах ыйытыылар

27.10.2023, 17:00
Хаартыска: Людмила Попова.
Бөлөххө киир:

Соторутааҕыта Үөрэҕи уонна билими кэтээн көрөр федеральнай сулууспа салайааччыта Анзор Музаев төрөппүттэри кытта көрүстэ. Салайааччы төрөппүттэр эксээмэҥҥэ сыһыаннаах кэккэ ыйытыыларыгар хоруйдаата.

Ыйытыы: Өскөтүн 10-с кылаас кэнниттэн ханнык эмэ биридимиэккэ биир кэлим эксээмэни (ЕГЭ) туттардахпына, 11-с кылаас кэнниттэн хаттаан туттарыахпын сөп дуо?

Хоруй: Өскөтүн үөрэнээччи булгуччулаах эксээмэннэртэн биирдэстэригэр (нуучча тылыгар эбэтэр математикаҕа) алын баалтан намыһаҕы ылбыт түгэнигэр, 11-с кылаас кэнниттэн хаттаан туттарыан сөп. Онтон атын түгэннэргэ 10-с кылаас кэнниттэн туттарыллыбыт эксээмэни, түмүгү тупсараары 11-с кылаас кэнниттэн иккистээн туттарыллыбат. Бу эксээмэннэри аттестат (о среднем общем образовании) ылан эрэ баран хаттаан туттарыахха сөп.

Ыйытыы: Аангылыйа тыла эбэтэр устуоруйа биир кэлим эксээмэҥҥэ (ЕГЭ) булгуччулаах биридимиэттэринэн буолуохтара дуо?

Хоруй: Билиҥҥитэ итинник уларыйыы киирэрэ былааннаммат.

Ыйытыы: ОГЭ-ни ЕГЭ-ни сэбиэскэй кэмнээҕи курдук үгэскэ кубулуйбут эксээмэҥҥэ уларытар былааннаммат дуо?

Хоруй: ОГЭ уонна ЕГЭ ыытыллар буолбута 14 сылтан тахсыбытын учуоттаатахха, судаарыстыбаннай түмүктүүр аттестация (ГИА) көрүҥэ номнуо үгэскэ кубулуйда. Эксээмэн бу көрүҥнэрэ оскуоланы бүтэрээччи бэлэмин хаачыстыбатын уонна үөрэх бырагырааматын билиилэрин таһымын, ону тэҥэ, үрдүк кылаастарга уонна үрдүк үөрэх кыһатыгар үөрэнэргэ бэлэмин сыаналыыр кыахтаахтар.

Күн бүгүн ГИА баар ньымаларын тупсарыы боппуруоһа көрүллэр. Ол эрээри, маныаха хардыылар бу хайысхаҕа этиилэри бары өттүттэн үөрэтэн, ырытан көрүү эрэ кэнниттэн оҥоһуллуохтара. Биһиги орто сүнньүн көрүөхтээхпит (сохранять баланс) уонна уларытыыны толкуйдаан киллэриэхтээхпит.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 октября
  • -3°C
  • Ощущается: -7°Влажность: 68% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: