ЫЙЫТ-ХОРУЙДУУБУТ: Грипп утары быһыыны хаһан ылар табыллыбатый?
28.11.2024, 20:30
Хаартыска: pxhere.com
Бөлөххө киир:
«Грипп утары быһыыны хаһан ылар табыллыбатый?», — диэн «Саха сирэ» саайт ааҕааччылара ыйыталлар. Бу ыйытыкка Дьокуускай куорат 2№-дээх балыыһатын быраастара хоруйдууллар.
— Ыарыһах олус сытыы вируснай инфекциялаах (ытырдыы, сөтөл, үрдүк температура) буоллаҕына быһыы ылар көҥүллэммэт, сыстыганнаах ыарыы күүһүрэн биэрэр. Ону таһынан хроническай ыарыылар сытыырхайар кэмигэр быһыы ылартан быстах кэмҥэ туттунаргыт ордук. Маннык түбэлтэлэргэ ыарыһах тустаах эмтэниини ааспытын эбэтэр хроническай ыарыы арыый үмүрүйбүтүн 2-4 нэдиэлэ ааспытын кэннэ ылар ордук. Куурусса сымыытын үрүҥэр аллергиялаахтарга быһыыны эмиэ туруорбаттар.
+1
2
+1
+1
1
+1
+1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: