Ыйыт-хоруйдуубут: Хаалбыт босхо миэстэлэр

Ыйыт-хоруйдуубут: Хаалбыт босхо миэстэлэр

21.10.2023, 11:00
Үөрэххэ туттарсыы. СИА.
Бөлөххө киир:

Ыйытыы: Аймахпыт оҕото талар эксээмэнин хаста да туттаран, аттестатын дьэ ылла. Ханнык үөрэххэ киириэн сөбүй? Билигин 9-с кылаас кэнниттэн ханнык миэстэлэр бааллар?

Хоруй: СӨ Үөрэҕин уонна билимин министиэристибэтин Билимҥэ, идэҕэ үөрэ­тиигэ уонна тус сыаллаах бэлэмнээһиҥҥэ судаарыстыбаннай бэлиитикэ департаменын салайааччыта Иннокентий Оконешников хоруйдуур.

– Үөрэххэ ылыы быраабылатыгар олоҕуран, миэстэ баар түгэнигэр үөрэх тэрил­тэлэрэ сэтинньи 25 күнүгэр диэри ылаллар. Алтынньы 9 күнүнээҕи туругунан, тохсус кылаас кэнниттэн маннык идэлэргэ бүддьүөт миэстэлэрэ бааллар: “оленевод-механизатор” (Арктикатааҕы хотугу норуоттар кэллиэстэрэ); “судостроение” (Жатайдааҕы тиэхиньикум), “монтаж и эксплуатация оборудования и систем газоснабжения” (Ньурба тиэхиньикума); “машинист на открытых горных работах” (Таатта улууһун Н.Е. Мординов аатынан Харбалаахтааҕы үөрэх комплекса); “гидрометнаблюдатель”, “мастер обще­строительных работ”, “оператор информационных систем и ресурсов”, “сварщик ручной и частично механизированной сварки (плавки)”, “пожарный” (Арктика оробуочай идэлэргэ бэлэмниир киинэ); “вокальное искусство”, “сольное и хоровое народное пение”, “хоровое дирижирование”, “теория музыки” (М.Н. Жирков аатынан Дьокуускайдааҕы муусука кэллиэһэ).

Төлөбүрдээх идэлэр: “строительство и эксплуатация зданий и сооружений” (Чурапчытааҕы агротехнологическай кэллиэс); “мастер по ремонту и обслуживанию автомобилей”, “обогатитель полезных ископаемых” (Хаандыгатааҕы хайа-геологическай тиэхиньикума); “защита в чрезвычайных ситуациях”, “мастер по ремонту и обслуживанию автомобилей” (Уус Алданнааҕы тиэхиньикум); “оператор информационных систем и ресурсов”, “сварщик ручной и частично механизированной сварки”, “пожарный”, “мастер общестроительных работ” (“Арктика” оробуочай каадырдары бэлэмниир киин).

+1
3
+1
0
+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
16 декабря
  • -31°C
  • Ощущается: -31°Влажность: 76% Скорость ветра: 0 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: