Салгыы
Ыйыт-хоруйдуубут: Хамыыһыйа төлөбүрүттэн босхолууллар дуо?

Ыйыт-хоруйдуубут: Хамыыһыйа төлөбүрүттэн босхолууллар дуо?

15.09.2024, 10:00
https://pxhere.com/
Бөлөххө киир:

– Хапытаалынай өрөмүөҥҥэ хамыыһы­йаттан босхолооһун туһунан саҥа дьаһал тахсыбыт дииллэр. Ону быһаарыҥ эрэ.  

“СӨ Элбэх кыбартыыралаах дьиэлэри өрөмүөннээһиҥҥэ хапытаалынай өрөмүөн пуондата” НКО бас билээччилэри кытта үлэҕэ отделын начаалынньыга Саида Петрова маннык эппиэти ыытта:

–  РФ Бырабыыталыстыбатын 2024 сыл 27.04 күнүнээҕи 1059-р дьаһалыгар олоҕуран, нэһилиэнньэ чэпчэтиинэн туһанар араҥатыгар социальнай өйөбүл көрүлүннэ. Ол курдук, хапытаалынай өрөмүөн усунуостарын төлүүргэ уонна олорор дьиэ-уот уонна хомунаалынай өҥө иһин кэмигэр төлөөбөтөххө, олохтонор пеняҕа баан хамыыһыйатыттан босхолооһун туһунан. Маннык өйөбүлүнэн эбэх оҕолоох дьиэ кэргэн чилиэннэрэ, биэнсийэлээхтэр, ин­­бэлииттэр, бойобуой дьайыы бэтэрээннэрэ, өлбүт сэрии инбэлииттэрин, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылаахтарын уонна  бойо­буой дьайыы бэтэрээннэрин дьиэ кэргэнин чилиэннэрэ туһаныахтара.

Тустаах социальнай өйөбүл хапытаалынай өрөмүөн усунуоһун төлүүртэн босхолооботун өйдүөхтээххит. Ол эбэтэр, усунуоһу баан хамыыһыйата суох төлөөһүн туһунан этиллэр. Холобура, Саха сирин сиригэр-­уотугар төлөбүргэ хамыыһыйа маннык ылыллар: “Сбербаан” нөҥүө –  усунуос сууматыттан 50 солкуобайтан, “Якутскэнергосбыт” ДЭК каассатын, “Якутскэнергосбыт” ДЭК филиалын Нерюнгритааҕы отделениетын нөҥүө — усунуос сууматыттан 0,7 %, “Алмаасэргиэнбаан” каассатын нөҥүө  — усунуос сууматыттан 0,7%.  Саҥа сокуон чэпчэтиилээх категориялары бу үөһээ ахтыллыбыт хамыыһыйалартан босхолуур, оттон хапытаалынай өрөмүөн усунуоһун ааҕыыттан босхолообот.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
18 сентября
  • 5°C
  • Ощущается: 2°Влажность: 87% Скорость ветра: 4 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: