Ыйыт-хоруйдуубут: Хамыыһыйа төлөбүрүттэн босхолууллар дуо?
– Хапытаалынай өрөмүөҥҥэ хамыыһыйаттан босхолооһун туһунан саҥа дьаһал тахсыбыт дииллэр. Ону быһаарыҥ эрэ.
“СӨ Элбэх кыбартыыралаах дьиэлэри өрөмүөннээһиҥҥэ хапытаалынай өрөмүөн пуондата” НКО бас билээччилэри кытта үлэҕэ отделын начаалынньыга Саида Петрова маннык эппиэти ыытта:
– РФ Бырабыыталыстыбатын 2024 сыл 27.04 күнүнээҕи 1059-р дьаһалыгар олоҕуран, нэһилиэнньэ чэпчэтиинэн туһанар араҥатыгар социальнай өйөбүл көрүлүннэ. Ол курдук, хапытаалынай өрөмүөн усунуостарын төлүүргэ уонна олорор дьиэ-уот уонна хомунаалынай өҥө иһин кэмигэр төлөөбөтөххө, олохтонор пеняҕа баан хамыыһыйатыттан босхолооһун туһунан. Маннык өйөбүлүнэн эбэх оҕолоох дьиэ кэргэн чилиэннэрэ, биэнсийэлээхтэр, инбэлииттэр, бойобуой дьайыы бэтэрээннэрэ, өлбүт сэрии инбэлииттэрин, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылаахтарын уонна бойобуой дьайыы бэтэрээннэрин дьиэ кэргэнин чилиэннэрэ туһаныахтара.
Тустаах социальнай өйөбүл хапытаалынай өрөмүөн усунуоһун төлүүртэн босхолооботун өйдүөхтээххит. Ол эбэтэр, усунуоһу баан хамыыһыйата суох төлөөһүн туһунан этиллэр. Холобура, Саха сирин сиригэр-уотугар төлөбүргэ хамыыһыйа маннык ылыллар: “Сбербаан” нөҥүө – усунуос сууматыттан 50 солкуобайтан, “Якутскэнергосбыт” ДЭК каассатын, “Якутскэнергосбыт” ДЭК филиалын Нерюнгритааҕы отделениетын нөҥүө — усунуос сууматыттан 0,7 %, “Алмаасэргиэнбаан” каассатын нөҥүө — усунуос сууматыттан 0,7%. Саҥа сокуон чэпчэтиилээх категориялары бу үөһээ ахтыллыбыт хамыыһыйалартан босхолуур, оттон хапытаалынай өрөмүөн усунуоһун ааҕыыттан босхолообот.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: