Ыйыт-хоруйдуубут: Хапытаалынай өрөмүөҥҥэ иэстээхтэри кытта хайдах үлэлэһэҕит?

Share

– Хапытаалынай өрөмүөҥҥэ иэстээхтэри кытта хайдах үлэлэһэҕит? Суукка ыытаҕыт дуу?

С.Алексеева.

“СӨ Элбэх кыбартыыралаах дьиэлэри хапытаалынайдык өрөмүөннээһиҥҥэ пуондата” НКО дьиэни бас билээччилэри кытта үлэҕэ отделын начаалынньыга Саида Петрова маннык эппиэттээтэ:

– “СӨ Элбэх кыбартыыралаах дьиэлэри хапытаалынайдык өрөмүөннээһиҥҥэ пуондата” “Сбербаан” ПАУо-ны кытта усунуоска иэстэрин муспут дьиэни бас билээччилэри кытта суут иннинээҕи үлэни ыытар туһунан бу дьыл муус устар 18 күнүгэр сөбүлэһии түһэристэ.  Бу миэрэ иэһи суукка тиэрдибэккэ эрэ түргэнник бы­­һаарыыга көмөлөһүөҕэ. Иэстээхтэргэ “Сбербаан” ПАУо сервистэрин көмөтүнэн иһитиннэриэхтэрэ. Билигин иэстээхтэр испии­һэктэрин чопчулаан баран, “Сбербааҥҥа” ыытыахпыт. Бу үлэ ыам ыйын ортотуттан саҕаланыаҕа. Онон суут ороскуотун уонна ирдээн ылыы бириэмэтин аччатыахпыт. Бу сөбүлэһии көмөтүнэн Саха сиригэр дьиэни-уоту хапытаалынайдык өрөмүөннээһини ыытыыга быыстала суох үбүнэн хааччыйыыга көмөлөһүөҕэ.   Онон тус­таах пуонда өрөмүөҥҥэ хомуллубут харчы суумата быһаччы ыытыллар үлэлэргэ сабыдыаллыырынан сибээстэээн, иэскитин муспаккытыгар сүбэлиир.

Хамыыһыйата суох төлөөҥ:

– Пуонда саайтыгар Фонда (www.fondkr.ru) киирэн “ОНЛАЙН оплата”;

– Саха сирин буостатын ханнык баҕарар салааларынан;

– “Объединенный платежный документ” ситиминэн  “Электронное ЖКХ РС (Я)” – e-yakutia.ru порталынан

–  “Сбербанк – онлайн” сыһыарыынан;

– “ВТБ-онлайн” сыһыарыынан;

– “Квартплата+” мобильнай сыһыарыынан;

Хамыыһыйалаах төлөбүр: 

– “Сбербаан” ПАУо каассаларынан – хапытаалынай өрөмүөн усунуоһун сууматыттан 50 солк. саҕалаан;

– “Якутскэнергосбыт” ДЭК ПАУо филиалын, “Якутскэнергосбыт” ДЭК ПАУо Нерюнгритааҕы  отделениетын филиалын каассаларынан (өрөмүөн усунуоһун сууматыттан хамыыһыйа 0,7%-тан);

— “Алмаасэргиэнбаан” АКБ нөҥүө (өрөмүөн усунуоһун сууматыттан хамыыһыйа 0,7%-тан);

Ыйытар төлөпүөн: 8 (4112) 319-014 уонна Fondkr.ru саайтыгар “Обратная связь” кунуопканы баттаан.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
1
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Олох амтанын сүтэримэҥ

Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүүнү кыайбыт улуу саллаат

Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут.  Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри  оҥостор  киһибит …

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Одунуга айрширскай боруодалаах бастакы ньирэй күн сирин көрдө

Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…

5 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

ОНЛАЙН: Сахалыы киинэлэри босхо көрүҥ

"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха киинэтэ салгыы хайдах сайдыаҕай?

Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…

5 часов ago
  • Сонуннар

ВИДЕО: Нейросеть Дьыл Оҕуһун оҥордо

Нейросеть Дьыл Оҕуһун оҥордо диэн ЯкутияDaily иһитиннэрэр: https://t.me/yakutiadaily/45038

5 часов ago