Ыйыт-хоруйдуубут: ИП-ны хайдах суһаллык сабыахха сөбүй?
– ИП-ны хайдах суһаллык сабыахха сөбүй?
– Ыҥырыыга хабыллыбыт урбаанньыт регистрациялыыр уоргаҥҥа электроннай докумуонун биэрэн, үлэтин судургу бэрээдэгинэн тохтотор кыахтаах. Маны “Государственная онлайн-регистрация бизнеса” (https://service.nalog.ru/gosreg/#ip) сервискэ “Индивидуальные предприниматели/Прекратить деятельность” салааҕа (разделга) оҥоһуллар. Сайабылыанньа электроннай көрүҥүнэн толоруллар, ким буоларгын бигэргэтэр докумуоҥҥун скан-куоппуйатын эбэтэр докумуону биэрии сибидиэнньэтэ суруллар докумуон страницаларын хаартыскалаа: сиэрийэтэ уонна нүөмэрэ, хаартыска, пааспардаах эбэтэр байыаннай билиэттээх киһи докумуона, аата-суола, ону тэҥэ бу докумуону тутан түспүт хаартыската (селфи), ити сирэйдэргэ аһыллыбыт уонна регистрациялыыр уоргаҥҥа ыытыллар. Маныаха сайабылыанньалаах киһи электроннай илии баттааһына эбэтэр илии баттаабытын нотариуһунан бигэргэтэрэ ирдэммэт. Регистрацияланнаҕына, бу киһи электроннай почтатыгар ыытыллар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: