ЫЙЫТ-ХОРУЙДУУБУТ: Күҥҥэ төһө элбэх мандарины сиэххэ сөбүй?
Күҥҥэ киһи 200-250 грамм мандарины ордук сиэ суохтаах. Бу кээмэйинэн киһи саамай улахан туһаны уонна дуоһуйууну ылар диэн РИА Новости доруобуйа харыстабылын департаменын кылаабынай диетолога Антонина Стародубова иһитиннэрдэ.
«Мандарин Саҥа дьыллааҕы саамай күндү фруктанан ааҕыллар. Үүнэр уонна ситэр кэмэ Саҥа дьылы кытта түбэһэр. Саҥа дьыллааҕы фруктаттан муҥутуур туһаны уонна дуоһуйууну ыларга күҥҥэ 200-250 грамм сиэниллиэ суохтаах», — диэн Антонина Стародубова кэпсээтэ.
Исписэлиис этэринэн, мандарин коларийа олус кыра — 100 граммҥа 38 килокалорий кэриҥэ. Фрукта састааба сүрүннээн 8 грамм углеводтартан турар. Ол эрээри, мандарины кээмэйэ суох сиэтэххэ тирии кыһыйыылаах уонна баастаах аллергияҕа тиэрдиэн сөп», — диэн Стародубова эбэн эттэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: