Ыйыт-хоруйдуубут: күннээҕи олох-дьаһах тула
19.08.2023, 16:00
Хаартыска Роза Томская тиксиэриитэ.
Бөлөххө киир:
Ааҕааччыларбыт “Саха сирэ” хаһыакка араас ис хоһоонноох ыйытыылары биэрэллэр. Сорохтор эрэдээксийэҕэ кэлэн да ыйыталаһаллар. Дьон кыһалҕата да араас. Онно кыах баарынан хоруйдуурга кыһанабыт.
Хас тыс нааданый?
– Быйыл бултуу барарбар этэрбэс тиктэрээри гынабын. Төһө тыс киирэрий? Сүбэлээҥ эрэ.
П.Слепцов.
Ыйытыыга Өлөөн Харыйалааҕыттан иистэнэр мастарыскыай сэбиэдиссэйэ Роза Ивановна Томская хоруйдуур:
– Булчут этэрбэһигэр 12 тыс сөп буолар. Ол эрээри, ол тыс төһө улаханыттан тутулуктаах. Бастаан тыскын сүлэн ылаҕын, ыраастаан хатараҕын, ол кэннэ кыһыахтыыгын, эмэҕинэн илитэн өҥүттэн көрөн 2-4 чаас сытыараҕын. Онтон сонуйан баран илиигинэн имитэҕин. Кылгастык сүбэлээтэххэ итинник.
+1
+1
+1
+1
+1
1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: