Ыйыт-хоруйдуубут: кыра биэнсийэлээххэ эбэллэр дуо?
Ааҕааччыларбыт “Саха сирэ” хаһыакка араас ис хоһоонноох ыйытыылары биэрэллэр. Сорохтор эрэдээксийэҕэ кэлэн да ыйыталаһаллар. Дьон кыһалҕата да араас. Онно кыах баарынан хоруйдуурга кыһанабыт.
– Кыра биэнсийэлээхтэргэ социальнайдар эбии төлөөн биэрэллэр үһү диэн кэпсииллэр. Бу кырдьык дуо уонна кимнээххэ көрүллэрий?
Т.Слепцова.
Бу ыйытыыга СӨ Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэтин иһинэн Дьокуускай к. Нэһилиэнньэ социальнай көмүскэлин уонна үлэҕэ управлениетын колл-кииниттэн маннык хоруйу ыллыбыт:
– Кырдьык, биэнсийэҕэ эрэгийиэннээҕи социальнай эбии төлөбүр (региональная социальная доплата – РСД) диэн баар. Бу эбии төлөбүр биэнсийэлээх киһи материальнай өттүнэн хааччыллыытын уопсай суумата киһи тиийинэн олоруутун алын кээмэйигэр (18294 солк.) тиийбэт буоллаҕына олохтонор. Тустаах төлөбүрү толотторор туһугар Саха сирин сиригэр-уотугар олорор үлэлээбэт биэнсийэлээх туһааннаах социальнай управлениеҕа тиийэрэ ирдэммэт (сайаапката суох толоруллар).
– Биэнсийэбин үрдэтиэхпин баҕарабын. Үлэбиттэн ханнык кэмҥэ уурайарым ордугуй? Биир ыйынан төттөрү үлэҕэ киириэхпин сөп дуу?
Арассыыйа Биэнсийэҕэ пуондатын Саха сиринээҕи салаатыгар ыйытык ыыппыппытыгар маннык эппиэттээтэ:
– 400-ФС №-дээх Федеральнай сокуон 26.1 ыст. 1 чааһыгар олоҕуран, үлэлиир эбэтэр атын дьарыктаах биэнсийэлээхтэргэ страховой биэнсийэтин сууматын индексациятын уонна корректировкатын учуоттаабакка төлөнөр, үлэлиир уонна атын дьарыктаах кэмигэр.
Үлэлээн эбэтэр атыны дьарыктанан бүппүт биэнсийэлээхтэргэ страховой биэнсийэтин суумата индексацияны уонна корректировканы учуоттаан, үлэлээн уонна (эбэтэр) атыны дьарыктанан бүппүт ыйын кэнниттэн кэлэр ый 1-кы күнүттэн саҕалаан төлөнөр (400-ФС №-дээх Федеральнай сокуон 26.1 ыстатыйатын 3 чааһа).
Онон, өскөтүн биэнсийэлээх 2023 сыл балаҕан ыйын 28 күнүгэр үлэлээн бүппүт буоллаҕына, индексациятын учуоттаан биэнсийэтин киниэхэ ахсынньы ыйтан эрдэлээбэккэ (не раньше декабря) төлүөхтэрэ. Тоҕо диэтэххэ, сэтинньи ыйга Социальнай пуонда үлэни биэрээччилэртэн ылбыт алтынньы ыйдааҕы сибидиэнньэлэри ырытыаҕа уонна быһаарыы ылыныаҕа. Ахсынньы ыйга кини үлэлээбит кэмнэригэр ыытыллыбыт бары индексациятын учуоттаан, алтынньы, сэтинньи ыйдарын эбии төлөөн, биэнсийэтин төлөөһүн оҥоһуллуоҕа.
Үлэлии төттөрү алтынньы 3 күнүттэн киирэригэр сүбэлиибит.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: