ЫЙЫТ-ХОРУЙДУУБУТ: Матыыбы айыы тоҕо ыараханый?
– Мелодистар бөлөхтөрө диэн баар дуо? Кинилэр ааптар айымньытыгар матыып айалларыгар ыарахан сыананы этэллэр эбит. Дьиҥэр, ааптар айымньыта эмиэ сыаналаныахтаах буоллаҕа. Ол тоҕо тутуһуллубатый? Ааптар бэйэтэ сыаналыырын иһин дуо? Маны ыйытан билиҥ эрэ.
Н.Сафонов-Тыаһыт,
Өлүөхүмэ.
Ыйытыыга СӨ норуодунай артыыһа, самодеятельнай композитор Алексей Калининскай-Луҥха Өлөксөйө маннык хоруйдаата:
– Мин тылбар ырыата суруй диэн сакаас курдук буоллаҕа. Ону мусукаан бэйэтэ быһаарар. Ол дуогабарга олоҕурар, бачча диэн быһыллыбыт сыана суох. Муусука суруйар киһиэхэ үлэтэ элбэх. Үөрэхтээх, сатабыллаах, муусука бырассыаһын барытын сатыыр киһи оҥорор. Оҥорон таһаарыы эмиэ үлэни, бириэмэни ылар. Ону барытын сыаналыыр буоллаҕа. Мин оннук саныыбын. Таарыйа аҕыннахха, хоһоон айааччылар ааптарыскай быраапка регистрацияланаллар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: