Ыйыт-хоруйдуубут: Мутукчаны сиэтэллэр дуо?
19.11.2022, 11:00
Бөлөххө киир:
– Мутукчаны сүөһүгэ эбии аһылык гыналлар дииллэр.
Анатолий Петров, Арассыыйа Федерациятын үтүөлээх мелиоратора маннык хоруйдаата:
– Мутукчаны бэйэтинэн сүөһүгэ сиэтиэххэ сөп. Күөх мутукчаны лабаалыын намчытын сүөһүгэ күкүргэ, иһиккэ ууран сыыйа үөрэтэн аһаталлар. Ол курдук, бастаан ынахха, биэҕэ киилэ аҥаарын эрэ сиэтэллэр. Үөрэммиттэрин эрэ кэннэ 3-5 киилэни, оттон ыччат сүөһүгэ 2-3 киилэни биэриэххэ сөп. Итинэн сүрүн аһылыгы, оту 20-30 бырыһыан солбуйуохха сөп. Өссө мутукча уутун, көөнньөрбөтүн оҥорон туһанар көмөлөөх буолааччы.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: