Салгыы
Ыйыт-хоруйдуубут: Нолуокка иһитиннэриини хайдах ылыахха сөбүй? 

Ыйыт-хоруйдуубут: Нолуокка иһитиннэриини хайдах ылыахха сөбүй? 

29.09.2024, 17:00
Бөлөххө киир:

– Судаарыстыбаннай өҥө (Госуслуги) нөҥүө нолуокка иһитиннэриини хайдах ылыахха? 

Ыйытыыга ФНС Саха сиринээҕи салаатын 1 №-дээх судаарыстыбаннай өҥөлөрү оҥорууга отделын 1 разрядтаах исписэлииһэ Пелагея Гуляева маннык эппиэти ыытта:

– Баайга-дуолга нолуокка (СНУ) уонна НДФЛ нолуок иһитиннэриитин, ону тэҥэ иэһи төлөөһүн туһунан ирдэбили  Судаарыстыбаннай өҥө порталынан киирэн ылыахха сөп.

СНУ-ну ыларга:

  • Перейти в раздел “Услуги” разделга киириҥ – “Прочее” баттааҥ, онтон “Налоги/Финансы” киирдэххэ “Получение налоговых уведомлений на Госуслугах” диэн сурук тахсыаҕа.
  • Пааспаргыт, ИНН, электроннай буостаҕыт чахчытын бэрэбиэркэлээҥ уонна “Отправить в Госключ” кунуопканы баттааҥ.
  • “Госключ” сыһыарыыга “Услуги” салааҕа электроннай докумуон – сөбүлэһии туһунан тахсыаҕа. Онтон бэйэҕит тускутунан чахчылары бэрэбиэркэлээҥ уонна электроннай көрүҥүнэн илии баттааҥ.
  • Барытын толордоххутуна, Судаарыс­ты­баннай өҥө порталыгар сөбүлэһэргит туһунан Арассыыйа ФНС иһитиннэрии ыытыллыбытын туһунан көстүөҕэ.

Онон ылбыт докумуоннарынан Судаарыс­тыбаннай өҥө порталынан туһанааччылар онлайн төлүүр кыахтаналлар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
14 декабря
  • -34°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 75% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: