Ыйыт-хоруйдуубут: Нолуокка туох сыыһалары оҥороллоруй?
– Тэрилтэлэр буҕаалтырдара уонна урбаанньыттар туох сыыһаны оҥоруохтарын сөбүй?
Арассыыйа ФНС СӨ управлениетывн 1 №-дээх өҥөнү оҥорууга отделын ыстаарсай судаарыстыбаннай нолуок иниспиэктэрэ Татьяна Маркова маннык хоруйдаата:
– Билигин нолуок ситимин үлэһиттэрэ салайааччылары, урбаанньыттары уонна тэрилтэлэр буҕаалтырдарын кытта иккис кыбаартал нолуогар уонна абаансанан төлөбүрдэригэр быһаарар үлэни ыытабыт. Маны сэргэ иһитиннэриини (уведомление) ыыппатах тэрилтэлэр салайааччыларын уонна урбаанньыттары нолуок уорганыгар РФ Нолуокка кодексын 31 ыст 1 п. 4 хос пуунугар олоҕуран быһаарыы биэрэллэригэр ыҥырабыт.
Нолуок уорганыгар ааҕыллыбыт нолуок туһунан иһитиннэрии – бары нолуогу төлөөччүлэр эбээһинэстэрэ, онон эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһыллыахтаах. Ону тэҥэ отчуоту кэмигэр бэриллиэхтээх.
Тэрилтэлэр буҕаалтырдара уонна урбаанньыттар үгүстүк иһитиннэриини толороллоругар нолуок ааҕыллыбыт сууматын, абаансанан төлөбүрдэри хомуйуу туһунан сыыһаны-халтаны таһаарааччылар. Сыыһалар нолуоктар бүддьүөккэ киирэллэрин харгыстыыллар, биир кэлим нолуок счетуттан уонна пеняны ааҕыыттан сыыһа устууга тиэрдиэхтэрин сөп.
Үгүстүк маннык сыыһалар бэлиэтэнэллэр:
* сыыһа кэми (период) ыйаллар. Кэми сөпкө ыйыы төлөбүр болдьоҕун сөпкө быһаарарга наадалаах, ону тэҥэ төлөбүр болдьоҕун чопчу быһаарарга, ону тэҥэ декларацияны кытта сибээстииргэ;
* КБК (бүддьүөт классификациятын куода) эбэтэр ОКТМО (хас биирдии нэһилиэнньэ Бүтүн Арассыыйатааҕы классификатора) сыыһа толоруу, биитэр иһитиннэриини толоруу ирдэммэт КБК толоруллубут буолар;
* иһитиннэрии оннугар бэриллэр төлөбүр реквизиттэригэр сыыһаны оҥоруу: КБК, ОКТМО отчуоттуур кэм сыыһа ыйыллыбыт эбэтэр олох ыйыллыбатах;
* иһитиннэриини отчуот кэнниттэн ыыппыттар эбэтэр тэҥҥэ
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: