Ыйыт-хоруйдуубут: ОГЭ 100 баал буолар үһү дуо?
Бүгүн ааҕааччыларбыт үөрэххэ сыһыаннаах ыйытыыларын мунньан, хоруйдары бэлэмнээбиппитин таһаарабыт.
ОГЭ 100 баал буолар үһү дуо?
Ыйытыы: Сүрүн судаарыстыбаннай эксээмэни (ОГЭ) биир кэлим эксээмэн (ЕГЭ) курдук 100 бааллаах гынаары гыналлар диэбиттэрэ. Ол кырдьык дуо? Тоҕо?
Хоруй: “Билиҥҥитэ сүрүн судаарыстыбаннай эксээмэн түмүгүн хайысхаларынан (профильные) 10-с кылааска үөрэххэ киирээччилэргэ сүүмэрдээһиҥҥэ, ОГЭ-ни сыаналааһыны 100 бааллаах систиэмэҕэ көһөрүөххэ уонна орто анал үөрэххэ ОГЭ түмүгүнэн ылыахха сөп этэ диэн ырытыһыы барар.
Орто анал үөрэххэ ылыыга биир кэлим эксээмэн курдук үөрэххэ киирии аһаҕас, дьэҥкэтик өйдөнөр буоларын уонна эрдэттэн ыйыллыбыт ирдэбилинэн барарын туһугар бэрээдэктиир көдьүүстээх буолуон сөп” диэн Үөрэҕи уонна билими кэтээн көрөр федеральнай сулууспа сэтинньигэ сонуну сырдатар киин ситимнэргэ иһитиннэрэн турар.
Ол эрээри, ханнык баҕарар эксээмэҥҥэ улахан уларыйыыны балаҕан ыйын маҥнайгы күнүгэр диэри биллэрэллэр, ыйаллар. Үөрэх дьыла номнуо ортолоон эрэр, ити туһунан биллэрбэтэхтэрэ, ол аата 2025 сылга ити киирбэтэ чахчы. Онон долгуйбат ордук.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: