ЫЙЫТ-ХОРУЙДУУБУТ: Оҕо уруок кэмигэр төлөпүөнүнэн туттуон сөп дуо?

Share

Үөрэнээччи уруок кэмигэр гаджекка аралдьыйыа суохтаах. Үөрэхтээһин туһунан сокуоҥҥа уларыйыылар балаҕан ыйын 1 күнүттэн киирбиттэрэ диэн объясняем.рф саайт суруйар.

Төлөпүөн хаһан бобуллар?

Уруок кэмигэр үөрэнээччи төлөпүөнүнэн туттара булгуччу бобуллар.

Уруоктар икки ардыларынааҕы сынньалаҥҥа оҕо төлөпүөнүнэн туһанарын төрөппүттэр оскуола дьаһалтатын кытта быһаарсыахтаахтар.

Өскөтүн төрөппүтэр оҕолорун кытта сибээстэһиэхтэрин баҕардахтарына, кылаас салайааччытыгар эрийиэхтээхтэр.

Үөрэнээччилэр, учууталлар уонна оскуола атын үлэһиттэрин олохторугар, доруобуйаларыгар куттал суоһуур буоллаҕына, төлөпүөнүнэн туһанар бобуллубат.

Үөрэххэ туһаныллар гаджеттар

Уруокка туһанар сыалтан учуутал интерактивнай дуосканы, көмпүүтэри, планшеты туһаныан сөп.

Туох бобуллар?

Радио-телефоннай сибээс бары көрүҥүнэн туһанар бобуллар.

Арай, сим-каарталаах «өйдөөх» чаһынан туһанар бобуллубат.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Өрөйүҥ-чөрөйүҥ, олоҥхо истэр кэм кэллэ

“Бүгүҥҥү күҥҥэ саамай улахан ситиһиибитинэн олоҥхону толорор ыччаппыт, эр дьоммут элбээбитэ буолар. Кинилэри түүн да…

15 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Абхазияҕа туох буолла?

Абхазияҕа ааспыт нэдиэлэттэн өрө туруу баран, бэрэсидьиэннэрин быыбара болдьоҕун иннинэ ыытыллар буолла. Сэтинньи 15 күнүгэр…

60 минут ago
  • Итэҕэл
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Күн-дьыл туруга: сэтинньи 23 күнэ

Бу күннэргэ күн-дьыл туруга хайдаҕый? Күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр туох дииллэрий? Өрөспүүбүлүкэ арҕаа, хотугулуу-арҕаа улуустарыгар, Өлүөнэ…

2 часа ago
  • Сонуннар

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юрист өҥөтө босхо буолуохтааҕын биһирээтэ

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…

14 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Пушкин института 2024 сыл тылын быһаарда

А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…

15 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ

Екатерина Снежко: «Билиҥҥи кэмҥэ барыбыт кыһалҕабыт биир»

Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…

16 часов ago