Ыйыт-хоруйдуубут: Оҥоойуттан хайдах көмүскэниэххэ?
03.08.2024, 14:30
Хаартыска: социальнай ситимнэртэн
Бөлөххө киир:
– Быйыл сайын оҥоойу наһаа хойуутук түспүт. Куоракка киһи оптуобус да тохтолугар кыайан турбат буолла. Гвоздикалаах ырысыап баар диэбиттэрэ. Ону билэргит буолаарай?
Ааҕааччыбыт ыйытыытыгар норуот ырысыабын ыытабыт:
– Гвоздикалаах ырысыап: 100 грамм буокка эбэтэр испиир, онно 10 хатарыллыбыт, аска туттуллар гвоздиканы кутан баран, 5 күн туруоруллар. Онтон биир паачыка (10-20 грамм) ванилин кутаҕын, кыратык буккуйан ылан баран, спрей курдук ыстарар иһиккэ кут эбэтэр оннуга да суох сабыллар иһиккэ кутан баран, наада буоллаҕына, туттаҕын. Кыымаайылартан абырыыр. Тускутугар туһаныҥ.
+1
5
+1
+1
+1
2
+1
1
+1
4
+1
3
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: