Ыйыт-хоруйдуубут: Оонньотоллоро сөптөөх дуо?
– Социальнай ситимнэринэн араас латарыайалар ыытыллаллар. Маннык ыытар көҥүллэнэр дуо?
Арассыыйа УФНС СӨ управлениетын судаарыстыбаннай өҥөлөрү оҥорууга 1 №-дээх отделын 1 разрядтаах исписэлииһэ Пелагея Гуляева маннык эппиэттээтэ:
– Социальнай ситимнэринэн уонна мессенджердэринэн көҥүлэ суох латарыайалары, сыаналаах бириистэри оонньотуу (массыына, үстүрүмүөннэр, смартфоннар уод.а.) элбээтэ.
Арассыыйа Федерациятыгар латарыайалары ыытыы “О лотереях” диэн 1996 с. 13.08 күнүнээҕи 138-ФС Федеральнай сокуонунан сүрүннэнэр. Онон латарыайалары ыытыыны РФ Бырабыыталыстыбатын көҥүлүнэн Арассыыйа Успуордун министиэристибэтэ уонна Арассыыйа Үбүн министиэристибэтэ тэрийэр бырааптаахтар. Атыннык эттэххэ, чааһынай тэрилтэлэр судаарыстыба көҥүлэ суох ыытыа суохтаахтар.
Көҥүлэ (сокуоннайа) суох латарыайалары ыытыы иһин административнай эппиэтинэс сүктэриллэрин тэрийээччилэр өйдүөхтээхтэр (ст. 14.27 КоАП РФ), ыстараап көрүҥүнэн:
— Гражданнарга – 3000-4000 солкуобай;
— дуоһунастаах дьоҥҥо – 15000-20000 солкуобай;
— юридическай сирэйдэргэ – 250000-350000 солкуобай.
Ону тэҥэ гражданнарга рекламнай аахсыйаларга уонна көҕүлүүр тэрээһиннэргэ сүүйдэхтэринэ, бириистэр уонна бэлэхтэр-туһахтар иһин физическэй сирэйдэргэ 35 бырыһыаннаах нолуок түһэриллэрин санатабыт.
“О противодействии легализации (отмыванию) доходов, полученных преступным путем и финансированию терроризма” 2001 с. 07.08 күнүнээҕи 115-ФС №-дээх Федеральнай сокуонунан азартаах оонньуулары тэрийээччилэр уонна латарыайалар оператордара харчынан эпэрээссийэлэри ыытар атын тэрилтэлэри кытта 15000 солкуобайтан саҕалаан бөдөҥ сүүйүүлэри биэриигэ кыайыылаахтары этиэхтээхтэр. Маны кэһии иһин РФ КоАП 15.27 ыст 1 ч. административнай эппиэтинэс сүктэриллэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: