ЫЙЫТ-ХОРУЙДУУБУТ: Сир учаастагын атыылаһарга тугу көрүөххэ?
– Биллэриилэри көрдөххө, сир учаастага бөҕө атыыланар. Сир учаастагын атыылаһарга тугу болҕомтоҕо ылыахха нааданый? Хайдах эрэ, аны ыарахан сыанаҕа атыыласпыт сирбит туох эрэ айдааннаах буолуо диэн, сороҕор куттанабыт.
А.Афанасьев.
Ыйытыыга “Дорофеева А.А.” ИП кадастровай инженерэ Анна Афанасьевна Дорофеева маннык хоруйдаата:
– Учаастак атыылаһаргытыгар “Вид разрешенного использования” диэни көрүөхтээххит. Ол эбэтэр ЕГРН-тан быыпысканы эбэтэр бас билии быраабын бигэргэтэр сибидиэтэлистибэни. Холобура, көрүҥэ кэтэх дьиэни туттуу (ИЖС ) буолуон наада. Ону тэҥэ сирин-уотун зонатын билиэхтээххит. Бу маны Дьокуускай куорат геопорталыгар киирэн көрөҕүт. ИЖС буоллаҕына,” Ж-1”, “Ж-2А” буолуон сөп. Маннык эрэ буоллаҕына, дьиэ туттар көҥүллэнэр. Биллэн турар, бу атыылаһар сиргит учаастагар туох хааччахтааһын баарын билиэхтээххит. Ол курдук, гааска (үрдүк баттааһыннаахха) бобуулаах буолааччы. Оттон уокка «Якутскэнерготтан» көҥүлү ылыллыахтаах. Куораты тутуу (градостроительнай) былаана баара туһалаах. Ол былааҥҥа ханан дьиэ тутуллара көстөр. Онон сыыстарбат туһугар атыылаһыаххыт иннинэ докумуоннары үчүгэйдик үөрэтиҥ, сүбэлэтиҥ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: