Салгыы
ЫЙЫТ-ХОРУЙДУУБУТ: Сир учаастагын атыылаһарга тугу көрүөххэ?

ЫЙЫТ-ХОРУЙДУУБУТ: Сир учаастагын атыылаһарга тугу көрүөххэ?

28.09.2024, 15:31
Мария Васильева хаартыската, СИА.
Бөлөххө киир:

– Биллэриилэри көрдөххө, сир учаастага бөҕө атыыланар. Сир учаастагын  атыылаһарга тугу болҕомтоҕо ылыахха нааданый? Хайдах эрэ, аны ыарахан сыанаҕа атыыласпыт сирбит туох эрэ айдааннаах буолуо диэн, сороҕор куттанабыт.

А.Афанасьев.

Ыйытыыга “Дорофеева А.А.” ИП кадастровай инженерэ Анна Афанасьевна Дорофеева маннык хоруйдаата:

– Учаастак атыылаһаргытыгар “Вид разрешенного использования” диэни көрүөхтээххит. Ол эбэтэр ЕГРН-тан быыпыс­каны эбэтэр бас билии быраабын бигэргэтэр сибидиэтэлис­тибэни. Холобура, көрүҥэ кэтэх дьиэни туттуу (ИЖС ) буо­луон наада. Ону тэҥэ сирин-уотун зонатын билиэхтээххит. Бу маны Дьокуускай куорат геопорталыгар киирэн көрөҕүт. ИЖС буол­лаҕына,” Ж-1”, “Ж-2А” буолуон сөп. Маннык эрэ буоллаҕына, дьиэ туттар көҥүллэнэр. Биллэн турар, бу атыылаһар сиргит учаастагар туох хааччахтааһын баарын билиэхтээххит. Ол курдук, гааска (үрдүк баттааһыннаахха) бобуулаах буолаач­чы. Оттон уокка «Якутскэнерготтан» көҥүлү ылыллыахтаах. Куораты тутуу (градостроительнай) былаана баара туһалаах. Ол былааҥ­ҥа ханан дьиэ тутуллара көстөр.   Онон сыыстарбат туһугар атыылаһыаххыт иннинэ докумуоннары үчүгэйдик үөрэтиҥ, сүбэлэтиҥ.

+1
4
+1
0
+1
0
+1
0
+1
2
+1
1
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
10 декабря
  • -37°C
  • Ощущается: -37°Влажность: 67% Скорость ветра: 0 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: