ЫЙЫТ-ХОРУЙДУУБУТ: Судаарыстыбаттан ким босхо кыбартыыраны ылыан сөбүй?

ЫЙЫТ-ХОРУЙДУУБУТ: Судаарыстыбаттан ким босхо кыбартыыраны ылыан сөбүй?

Ааптар:
04.11.2024, 14:00
Хаартыскаҕа Андрей Сорокин түһэриитэ, СИА
Бөлөххө киир:

Суударыстыбаттан босхо кыбартыыраны чэпчэтиинэн туһанар гражданнар уонна хаарбах дьиэлэртэн көһөрүү бырагырааматын кыттыылаахтара ылыахтарын сөп. Бу туһунан Судаарыстыбаннай Дуума Бас билиигэ, сир уонна баай-дуол сыһыаннаһыыларыгар кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Сергей Гаврилов иһитиннэрдэ.

Дьокутаат босхо кыбартыыра сокуон хараҕынан хаарбах туруктаах дьиэнэн билиниллибитин уонна судаарыстыба бырагырааматыгар киирбитин кэннэ бэриллэрин чуолкайдаата.

«Судаарыстыбаттан босхо кыбартыыраны ыларга хаарбах туруктаах дьиэлэри көһөрүү бырагыраама кыттыылааҕа буолуохтаах эбэтэр инбэлииттэр, инбэлиит оҕолоох дьиэ кэргэттэр, тулаайахтар, бэтэрээннэр, кыра дохуоттаах ыаллар уонна гражданнар, о.д.а.»,-диэтэ Сергей Гаврилов.

Кини бу категорияҕа киирэр гражданнарга босхо кыбартыыраны ылалларыгар уочаракка туруохтаахтарын бэлиэтээтэ. Парламентарий ону сэргэ дойду олохтоохторо социальнай наймылаһыы дуогабарынан судаарыстыбаттан кыбартыыраны куортамҥа ылыахтарын сөбүн санатта. Ол кэннэ кыбартыыра приватизация кэннэ бас билиигэ бэриллиэн сөп.

Бу иннинэ Гаврилов ийэ хапытаалын үбүн-харчытын даача дьиэтин атыылаһыыга ыытар туһунан кэпсээбитэ. Оттон апартаменнары, гаражтары, тырааныспар турар сирдэрин, гаражтары уонна сир учаастагын атыылаһар табыллыбат.

+1
13
+1
0
+1
0
+1
0
+1
5
+1
3
+1
7
Бары сонуннар
Салгыы
25 ноября
  • -23°C
  • Ощущается: -23°Влажность: 77% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: