Ыйыт-хоруйдуубут: Төлөбүрү хайдах уһатабын?
– Быстах хомуурга сылдьар киһи кирэдьиитэ мин ааппар толоруллубута, кинилиин саахсаламматахпыт. Төлөбүрү уһатан төлөөһүнү хайдах оҥорторуохпун сөбүй?
Быстах хомуур кыттыылаахтарын кыһалҕатын таарыйар ыйытыылар киирэллэр, онно “Объясняем.рф” федеральнай саайт хоруйун таһаарабыт:
– Хомуурга хабыллыбыт уонна анал байыаннай эпэрээссийэҕэ сылдьар дьон кэргэттэрин төлөбүрдэригэр уһатан төлөөһүнү оҥорторууну сокуон көҥүллүүр. Кинилэр саахсалаах буолуохтаахтар уонна ону эр-ойох буолуу сибидиэтэлистибэтинэн бигэргэтиэхтээхтэр. Өскөтүн ыал буолбуттарын сокуонунан бигэргэппэтэхтэринэ, баантан кирэдьиити реструктуризациялыырга көрдөһүөххэ сөп. Бааннар кирэдьиити аччатыыны эбэтэр төлөбүрү уһатыыны көрүөхтэрин сөп. Маныаха баан реструктуризация усулуобуйатын уонна иэстээх киһи уустук балаһыанньаҕа түбэспитин бигэргэтэр докумуоннартан тугу ирдиирин бэйэтэ чопчулуур.
Кирэдьииккэ (иэскэ) чэпчэтиилээх кэми биэрэри ким баҕарар туруорсуон сөп. Ол курдук, бу киһи баантан иэс ылбыт байыаннай сулууспалаах интэриэһинэн салайтаран, ону туруорсарыгар РФ сокуонугар сөп түбэһиннэрэн боломуочуйатын бигэргэтэригэр сөптөөх докумуоннары түһэриэхтээх. Ол иһигэр көннөрү илиинэн суруллубут дэбиэринэс да барсыаҕа.
Ону тэҥэ 1998 сыл ыам ыйын 27 күнүнээҕи федеральнай сокуон 2 ыстатыйатын 5 пуунугар “Байыаннай сулууспалаахтар статустарын туһунан” 76 №-дээх федеральнай сокуон 2 ыстатыйатын 5 пуунугар олоҕуран байыаннай сулууспалаах дьиэ кэргэнин чилиэннэригэр кирэдьииккэ (иэскэ) чэпчэтиилээх кэм олохтонуон сөп. Байыаннай сулууспалаах дьиэ кэргэнин чилиэнигэр киирсэллэр: ойоҕо (эрэ), сааһын ситэ илик оҕолоро, 18 саастарын туола иликтэринэ инбэлиит буолбут, 18 саастарын ааспыт оҕолоро, үөрэх тэрилтэлэригэр күнүскү өттүгэр үөрэнэр 23 диэри саастаах оҕолоро, байыаннай сулууспалаахтар көрүүлэригэр-истиилэригэр баар дьон.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: