Ыйыт-хоруйдуубут: Төлөбүрү хайдах уһатабын?

Share

– Быстах хомуурга сылдьар киһи кирэдьиитэ мин ааппар толоруллубута, кинилиин саахсаламматахпыт. Төлөбүрү уһатан төлөөһүнү хайдах оҥорторуохпун сөбүй?

Быстах хомуур кыттыылаахтарын кыһалҕатын таарыйар ыйытыылар киирэллэр, онно “Объясняем.рф” федеральнай саайт хоруйун та­­һаарабыт:

– Хомуурга хабыллыбыт уонна анал байыаннай эпэрээссийэҕэ сылдьар дьон кэргэттэрин төлөбүрдэригэр уһатан төлөөһүнү оҥорторууну сокуон көҥүллүүр. Кинилэр саахсалаах буолуохтаахтар уонна ону эр-ойох буолуу сибидиэтэлистибэтинэн бигэргэтиэхтээхтэр. Өскөтүн ыал буолбуттарын сокуонунан бигэргэппэтэхтэринэ, баантан кирэ­дьиити реструктуризациялыырга көрдөһүөххэ сөп. Бааннар кирэ­дьиити аччатыыны эбэтэр төлөбүрү уһатыыны көрүөхтэрин сөп. Маныаха баан реструктуризация усулуобуйатын уонна иэстээх киһи уустук балаһыанньаҕа түбэспитин бигэргэтэр докумуоннартан тугу ирдиирин бэйэтэ чопчулуур.

Кирэдьииккэ (иэскэ) чэпчэтиилээх кэми биэрэри ким баҕарар ту­­руорсуон сөп. Ол курдук, бу киһи баантан иэс ылбыт байыаннай сулуус­палаах интэриэһинэн салайтаран, ону туруорсарыгар РФ сокуонугар сөп түбэһиннэрэн боломуочуйатын бигэргэтэригэр сөптөөх докумуоннары түһэриэхтээх. Ол иһигэр көннөрү илиинэн суруллубут дэ­­биэринэс да барсыаҕа.

Ону тэҥэ 1998 сыл ыам ыйын 27 күнүнээҕи федеральнай сокуон 2 ыстатыйатын 5 пуунугар “Байыаннай сулууспалаахтар статустарын туһунан” 76 №-дээх федеральнай сокуон 2 ыстатыйатын 5 пуунугар олоҕуран байыаннай сулууспалаах дьиэ кэргэнин чилиэннэригэр кирэдьииккэ (иэскэ) чэпчэтиилээх кэм олохтонуон сөп. Байыаннай сулуус­палаах дьиэ кэргэнин чилиэнигэр киирсэллэр: ойоҕо (эрэ), сааһын ситэ илик оҕолоро, 18 саастарын туола иликтэринэ инбэлиит буолбут, 18 саастарын ааспыт оҕолоро, үөрэх тэрилтэлэригэр күнүскү өттүгэр үөрэнэр 23 диэри саастаах оҕолоро, байыаннай сулууспалаахтар көрүүлэригэр-истиилэригэр баар дьон.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сыымахха Васильевтар үлэлэригэр атынан сылдьаллар

Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Сыымахха командировкаҕа сылдьан,  киһи кэрэхсиир түгэнин көрөн, сырдатарга сананным. Васильевтар…

2 часа ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айсен Николаев Марат Хуснуллины кытта көрүстэ

Көрсүһүүгэ сүрүн болҕомто Саха сиригэр национальнай бырайыактары уонна РФ Бэрэсидьиэнин сорудахтарын олоххо киллэриигэ уурулунна. "Айсен…

2 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Сэрии кэмигэр тутуллубут өстүөкүлэ собуота

Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии уустук сылларыгар тыыл үлэтэ байыаннай балаһыанньа ыйарынан былааннанара. «Барыта фроҥҥа, барыта…

3 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Билиэн-көрүөн баҕалаахха: куоска минньигэс амтаны билэр дуо?

Маны билэҕит дуо? Куоска минньигэс амтаны билэр дуо? Оттон саамай улахан кинигэ төһө ыйааһыннаах буолуо…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ» хамсааһын 25 сыла!

Бүгүн, ахсынньы 11 күнүгэр, Бырабыыталыстыба дьиэтигэр, Өрөспүүбүлүкэ саалатыгар "Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ" үтүө дьыала…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Быйыл 6 муоста тутулунна

2024 сылга Саха сиригэр «Безопасные качественные дороги» бырагырааманан алта муостаны туттулар. Бу туһунан массыына суолун…

5 часов ago