Хаартыска: СИА
– Кыбартыыраҕа ким да олорбот буоллаҕына, хапытаалынай өрөмүөн усунуоһун төлүүбүт дуо?
Ыйытыыга СӨ судаарыстыбаннай тутууну, дьиэни-уоту кэтээн көрүүгэ управлениета маннык хоруйдаата:
– Дьиэҕитигэр ким да олорбот уонна бырапыыскаламматах да буоллаҕына, дьиэни бас билээччи хомунаалынай өҥө төлөбүрүттэн босхоломмот, ол иһигэр хапытаалынай өрөмүөн усунуоһун төлөбүрүттэн.
Дьиэни бас билээччигэ хапытаалынай өрөмүөн усунуоһун төлүүр эбээһинэс кыбартыыратыгар бас билиитэ олохтоммут күнүттэн сүктэриллэр. Маны сэргэ өскөтүн атын киһи бас билиититтэн эйиэхэ көһөр түгэнигэр иннинээҕи бас билээччи хапытаалынай өрөмүөҥҥэ иэһэ эмиэ көһүөн сөп.
Онон дьиэни-уоту атыылаһаргытыгар атыылаабыт киһи дьиэ-уот хомунаалынай өҥөтүгэр туох иэстээҕин бэрэбиэркэлээҥ, ол иһигэр хапытаалынай өрөмүөн усунуоһун.
Хапытаалынай өрөмүөн усунуоһун төлүүртэн дьиэлэрэ көтүрүллүөхтээх саахалланар туруктаах дьиэлэр олохтоохторо, ону тэҥэ дьиэни-уоту бас билээччинэн буолар Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылаахтара босхолоноллор.
Лада дьиэтигэр киэһэ 9 чаас саҕана түгэх хоһугар көмпүүтэргэ үлэлии олорон, эмискэ ойон туран түннүк…
Уһун өттүктээх, халыҥ бууттаах, кылгас бэрбээкэйдээх, модьу-таҕа атахтаах, убаҕас сиэллээх, хомпоҕор кэҥэриилээх, киэҥ таныылаах, уһун…
Сэтинньи 2 күнүгэр СӨ Оһуокай түмсүүтүн ыҥырыытынан ытык дьоммут, Арассыыйаҕа туризмы тэрийиигэ хонноохтоохтук ылсан үлэлии…
Таатта улууһун Харбалаах сэлиэнньэтин олохтоох бибилэтиэкэтин дьиэтигэр аҕам саастаах дьон - урукку хомсомуоллар Харбалаахтааҕы үөрэхтээһин…
Сунтаар улууһун дьаһалтатын, тыа хаһаайыстыбатын, үөрэҕирии, култуура о.д.а. управлениелар үлэһиттэрэ салайааччы Анатолий Григорьев тула түмсэн,…
Алексей Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй саха сайдыытын түстээбит “Саха интеллигенциятыгар суруга” бүгүҥҥү күҥҥэ диэри ким өҥөтүнэн тиийэн…