ЫЙЫТ-ХОРУЙДУУБУТ: Төлүүллэр дуо?
— Оҕом Казахстаҥҥа төлөбүрдээх үөрэххэ киирбитэ. Онно нолуок вычетын хайдах төннөрүөххэ сөбүй?
Төрөппүт ыйытыытыгар Арассыыйа ФНС СӨ 1 №-дээх управлениетын Судаарыстыбаннай өҥөлөрү оҥорууга отделын госнолуок ыстаарсай иниспиэктэрэ Татьяна Маркова маннык эппиэти ыытта:
— Үөрэтии ороскуотугар социальнай нолуок вычетын ыларга үөрэх тэрилтэтэ сөптөөх лиссиэнсийэлээх эбэтэр ханнык баҕарар көрүҥнээх (күнүскү, киэһээҥҥи, кэтэхтэн, атын) үөрэх тэрилтэтин статуһун бигэргэтэр атын докумуоннаах буолуохтаах. Вычеты үрдүк үөрэххэ үөрэниигэ эрэ буолбакка, атын үөрэх тэрилтэлэригэр — уһуйааҥҥа, оскуолаҕа, улахан дьону эбии үөрэтэр тэрилтэлэргэ (холобура, идэни үрдэтэр куурустарга, дьарыктаах буолуу сулууспатын үөрэтэр кииннэрэ, оскуолалар, тылы үөрэтэр кииннэр уо. д.а), оҕолору эбии үөрэхтээһин кииннэригэр (оҕо ускуустубатын оскуолалара, муусука оскуолалара, обургу оҕо успуорт оскуолата) үөрэниигэ эмиэ толотторуохха сөп.
Социальнай вычеты ааҕыыга учуоттанар төрөппүт эбэтэр эпиэкэҕэ ылбыт (подопечный) оҕоҕун үөрэттэриигэ ороскуот муҥутуур кээмэйэ — 110000 солк.
Сылга 150000 солкуобай — бэйэҥ үөрэҕиҥ, биитэр бырааккын, балтыгын үөрэттэрэр ороскуотун муҥутуур суумата, нолуогу төлөөччү атын ороскуоттарын кытта бииргэ (в совокупности) ааҕыллар, холобура, эмтэниини кытта сибээстээх (ыарахан сыаналаах эмтэнииттэн уратыга), үлэ биэнсийэтин мунньунар чааһыгар усунуоһу төлөөһүнү, биэнсийэ страховката, судаарыстыбаннайа суох биэнсийэнэн хааччыллыы, квалификацияҕын тутулуга суох тэрилтэҕэ сыаналатыы). Маннык докумуоннар ирдэнэллэр:
— үөрэх төлөбүрүн кэннинээҕи сылга 3‑НДФЛ көрүҥүнэн нолуок декларацията;
— үөрэх тэрилтэтин кытта дуогабар куоппуйата, онно үөрэтиини ыытарыгар лиссиэнсийэтэ
— төрөппүт эбэтэр эпиэкэҕэ ылбыт оҕоҥ, быраатыҥ эбэтэр балтыҥ үөрэнэрин төлөөбүт буоллаххына, маннык докумуоннары туттараҕын:
— туһааннаах сылга күнүскү (очнай) көрүҥүнэн үөрэммиккин бигэргэтэр ыспыраапка (өскөтүн бу пуун үөрэх тэрилтэтин кытта дуогабарга суох буоллаҕына)
— оҕо төрөөбүтүн туһунан сибидиэтэлистибэтэ
— опекун буоларгын бигэргэтэр докумуон
— бырааккын эбэтэр балтыгын кытта хаан- аймах буоларгын туоһулуур докумуоннар (кинилэр үөрэхтэрин төлөөбүт буоллаххына)
— харчыны төлөөбүтүҥ туһунан докумуоннар куоппуйалара (каасса чиэгэ, приход-ороскуот ордера, төлөбүр поручениелара уо. д.а.).
3‑НДФЛ көрүҥнээх декларацияны онлайн электроннай көрүҥүнэн Арассыыйа ФНС саайтыгар “Личный кабинет налогоплательщика физического лица” нөҥүө ыытыахха сөп.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: