ЫЙЫТ-ХОРУЙДУУБУТ: Төлүүллэр дуо?

Share

— Оҕом Казахстаҥҥа төлөбүрдээх үөрэххэ киирбитэ. Онно нолуок вычетын хайдах төннөрүөххэ сөбүй?

Төрөппүт ыйытыытыгар Арассыыйа ФНС СӨ 1 №-дээх управлениетын Судаарыстыбаннай өҥөлөрү оҥорууга отделын госнолуок ыстаарсай иниспиэктэрэ Татьяна Маркова маннык эппиэти ыытта:

— Үөрэтии ороскуотугар социальнай нолуок вычетын ыларга үөрэх тэрилтэтэ сөптөөх лиссиэнсийэлээх эбэтэр ханнык баҕарар көрүҥнээх (күнүскү, киэһээҥҥи, кэтэхтэн, атын) үөрэх тэрилтэтин статуһун бигэргэтэр атын докумуоннаах буолуохтаах. Вычеты үрдүк үөрэххэ үөрэниигэ эрэ буолбакка, атын үөрэх тэрилтэлэригэр — уһуйааҥҥа, оскуолаҕа, улахан дьону эбии үөрэтэр тэрилтэлэргэ (холобура, идэни үрдэтэр куурустарга, дьарыктаах буолуу сулууспатын үөрэтэр кииннэрэ, оскуолалар, тылы үөрэтэр кииннэр уо. д.а), оҕолору эбии үөрэхтээһин кииннэригэр (оҕо ускуустубатын оскуолалара, муусука оскуолалара, обургу оҕо успуорт оскуолата) үөрэниигэ эмиэ толотторуохха сөп.

Социальнай вычеты ааҕыыга учуоттанар төрөппүт эбэтэр эпиэкэҕэ ылбыт (подопечный) оҕоҕун үөрэттэриигэ ороскуот муҥутуур кээмэйэ — 110000 солк.

Сылга 150000 солкуобай — бэйэҥ үөрэҕиҥ, биитэр бырааккын, балтыгын үөрэттэрэр ороскуотун муҥутуур суумата, нолуогу төлөөччү атын ороскуоттарын кытта бииргэ (в совокупности) ааҕыллар, холобура, эмтэниини кытта сибээстээх (ыарахан сыаналаах эмтэнииттэн уратыга), үлэ биэнсийэтин мунньунар чааһыгар усунуоһу төлөөһүнү, биэнсийэ страховката, судаарыстыбаннайа суох биэнсийэнэн хааччыллыы, квалификацияҕын тутулуга суох тэрилтэҕэ сыаналатыы). Маннык докумуоннар ирдэнэллэр:

— үөрэх төлөбүрүн кэннинээҕи сылга 3‑НДФЛ көрүҥүнэн нолуок декларацията;

— үөрэх тэрилтэтин кытта дуогабар куоппуйата, онно үөрэтиини ыытарыгар лиссиэнсийэтэ

— төрөппүт эбэтэр эпиэкэҕэ ылбыт оҕоҥ, быраатыҥ эбэтэр балтыҥ үөрэнэрин төлөөбүт буоллаххына, маннык докумуоннары туттараҕын:

— туһааннаах сылга күнүскү (очнай) көрүҥүнэн үөрэммиккин бигэргэтэр ыспыраапка (өскөтүн бу пуун үөрэх тэрилтэтин кытта дуогабарга суох буоллаҕына)

— оҕо төрөөбүтүн туһунан сибидиэтэлистибэтэ

— опекун буоларгын бигэргэтэр докумуон

— бырааккын эбэтэр балтыгын кытта хаан- аймах буоларгын туоһулуур докумуоннар (кинилэр үөрэхтэрин төлөөбүт буоллаххына)

— харчыны төлөөбүтүҥ туһунан докумуоннар куоппуйалара (каасса чиэгэ, приход-ороскуот ордера, төлөбүр поручениелара уо. д.а.).

3‑НДФЛ көрүҥнээх декларацияны онлайн электроннай көрүҥүнэн Арассыыйа ФНС саайтыгар “Личный кабинет налогоплательщика физического лица” нөҥүө ыытыахха сөп.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
2

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Абхазияҕа туох буолла?

Абхазияҕа ааспыт нэдиэлэттэн өрө туруу баран, бэрэсидьиэннэрин быыбара болдьоҕун иннинэ ыытыллар буолла. Сэтинньи 15 күнүгэр…

38 минут ago
  • Итэҕэл
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Күн-дьыл туруга: сэтинньи 23 күнэ

Бу күннэргэ күн-дьыл туруга хайдаҕый? Күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр туох дииллэрий? Өрөспүүбүлүкэ арҕаа, хотугулуу-арҕаа улуустарыгар, Өлүөнэ…

1 час ago
  • Сонуннар

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юрист өҥөтө босхо буолуохтааҕын биһирээтэ

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…

14 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Пушкин института 2024 сыл тылын быһаарда

А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…

15 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ

Екатерина Снежко: «Билиҥҥи кэмҥэ барыбыт кыһалҕабыт биир»

Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…

16 часов ago
  • Сонуннар

«Орешник» ракета туһунан туох биллэрий?

РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин норуокка туһаайан этиитигэр бастакытын "Орешник" диэн саҥа комплекс туһунан иһитиннэрдэ. Кини…

16 часов ago