Ыйыт-хоруйдуубут: Толуйуу ханнык кэмҥэ бэриллэрий?
24.01.2025, 20:30
СИА
Бөлөххө киир:
Ыйытыы: Дьиэ-уот уонна хапытаалынай усунуос төлөбүрдэригэр байыаннай дьайыы кыттыылааҕын дьиэ кэргэнигэр толуйуу көрүллэр дииллэр. Ол ханнык кэмҥэ бэриллэрий?
Туһааннаах ыйытыыга “Субсидия агентствота” тэрилтэ маннык хоруйдаата:
— Толуйуу байыас байыаннай дьайыыга кыттар кэмигэр бэриллэр. Онно сайабылыанньа үс ыйга биирдэ бэриллиэхтээх. Толуйууну биэрэр туһунан быһаарыы ылыныллыбытын кэннэ ыйыллыбыт ороскуоттарынан кэлэр ый 10 күнүгэр диэри гражданин анал счетугар толуйууну ыыталлар. Бу толуйуу 2024 сыл тохсунньу ыйтан бэриллэ турар. Байыаннай дьайыы бэтэрээнэ буоллаҕына толуйуу тохтуур.
+1
+1
2
+1
+1
+1
+1
1
+1
1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: