Салгыы
Ыйыт-хоруйдуубут: Тыа хаһаайыстыбатыгар быйыл төһө үп көрүлүннэ?

Ыйыт-хоруйдуубут: Тыа хаһаайыстыбатыгар быйыл төһө үп көрүлүннэ?

25.02.2024, 13:00
Хаартыска: arcticpost.ru
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ СӨ ситэриилээх былааһын ааспыт сыллааҕы үлэтин туһунан отчуота тэрээһиннээхтик ыытылла турар. Бу отчуоттар кэмнэригэр киирбит интэриэһинэй ыйытыылары “Ыйыт-хоруйдуубут”  рубрикаҕа таһаарабыт.

– Дьэ, тыа хаһаайыстыбатыгар быйыл төһө үп көрүлүннэ, ону хайдах тыырыллыбытын чопчу сыыппаранан кэпсээҥ эрэ.

 Хорообут сэл. олохтооҕо.

Анастасия Колодезникова, СӨ Тыа ха­һаа­йыстыбатын уонна аска-үөлгэ министиэристибэтин сабаҕалааһыҥҥа, былаан­нааһыҥҥа, судаарыстыбаннай бырагыраамаларга департаменын салайааччыта:

– 2024 сылга тыа хаһаайыстыбатын судаарыстыбаннай бырагырааматын үбүлээһинэ 14,9 млрд солкуобай тэҥнэстэ. Сүрүн ороскуоттарын сырдаттахха маннык буолар.

Саха сиригэр тыа хаһаайыстыбатын сүрүн дьарыга кыыл-сүөл салаата буолара чахчы, ол курдук, бу салааҕа 4,6 млрд солк. кэриҥэ көрүлүннэ, ол иһигэр кэтэх гражданнарга сүөһү иитиитигэр – 1,5 млрд солк., көтөр, сибиинньэ иитэр улахан тэрилтэлэри комбикорманан хааччыйыыга – 950 мөл. солк., 744 мөл. солк. – хотон тутуутугар, 400 мөл. солк. – сылгыны үөрдээн иитиигэ, сибиинньэни көрүүгэ, хоту улуустарга хороҕор муостааҕы иитиигэ, 297 мөл. солк. федеральнай көмө – племенной үлэҕэ, дьиэ кэргэн пиэрмэтигэр;

Тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын со­ҕотуопкатыгар – 4,2 млрд солкуобай, үүт, эт, оҕу­руот аһыгар, бурдук, хортуоппуй соҕотуоп­ка­тыгар – 3,8 млрд солкуобай, материальнай-тиэхиньиичэскэй баазаны хаҥатыыга, ту­­тууга – 291 мөл. солк., 132 мөл. солк. федераль­най көмө;

Ону тэҥэ бэтэринэриийэ салаатыгар – 1,8 млрд солк;

Хотугу угэс буолбут салааларга – таба иитии­тигэр, балыктааһыҥҥа, материальнай-тиэхиньиичэскэй баазаны хаҥатыыга – 1,2 млрд солк.;

Сир үлэтигэр, үүнээйи үүннэриитигэр 546 мөл. солк., ол иһигэр сири тупсарыыга – 178 мөл. солк., сүөһү аһылыгын (кормопроизводство) бырагырааматыгар, сиэмэ, уоҕурдуу  атыылаһыытыгар, материальнай-тиэхиньиичэскэй баазаҕа – 368 мөл. солк;

Дьоҕус урбаан сайдыытыгар – 200 мөл солк;

Судаарыстыба бас билиитигэр баар ГТС-тары хааччыйыыга – 352 мөл. солк;

Улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын управлениеларын хааччыйыыга – 697 мөл. солк.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
13 декабря
  • -36°C
  • Ощущается: -36°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: