ЫЙЫТ-ХОРУЙДУУБУТ: “Тыа хаһаайыстыбатын бэтэрээнэ” бэлиэ баар дуо?
— Сааһын тухары сопхуоска үлэлээбит аҕабытыгар наада буолуо диэн ыйытабыт. “Тыа хаһаайыстыбатын бэтэрээнэ” диэн бэлиэ баар үһү. Ону ким ылыан сөбүн туһунан кэпсээҥ эрэ.
Захаровтар.
Ыйытыыга СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын уонна аска-үөлгэ бэлиитикэтин министиэристибэтин пресс-сулууспатын сэкирэтээрэ Анна Сергучева маннык хоруйдаата:
— Биллэрин курдук, бу бэлиэ 2016 с. министиэристибэ анал бирикээһинэн бигэргэммитэ. “Саха сирин Тыатын хаһаайыстыбатын бэтэрээнэ” бочуоттаах бэлиэ холкуостар, сопхуостар, кэлэктиибинэй тэрилтэлэр, аахсыйалаах уопсастыбалар, пиэрмэр, бааһынай уонна кэтэх хаһаайыстыбалар, аҕа ууһун общиналарын, тыа хаһаайыстыбатын кэпэрэтииптэрин, көмөлтө хаһаайыстыбаларын, аренднай тэрилтэлэрин, тыа хаһаайыстыбатын үөрэтэр тэрилтэлэрин өрөспүүбүлүкэ бу салаатыгар 25‑тэн итэҕэһэ суох сыл үлэлээбит, тыа хаһаайыстыбатын уонна агробырамыысыланнас комплексын сайдыытыгар тус кылааттарын киллэрбит үлэһиттэргэ ананар.
“Саха сирин Тыатын хаһаайыстыбатын бэтэрээнэ” бочуоттаах бэлиэнэн наҕараадалыыры СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын уонна аска-үөлгэ бэлиитикэтин министиэристибэтин наҕараадалыыр хамыыһыйата быһаарар уонна туһааннаах бирикээс тахсар. Маннык докумуоннар ирдэнэллэр:
— тыа хаһаайыстыбатын управлениетын (департамент) салайааччытын миниистир аатыгар хадатаайыстыбата, улуус (оройуон) эбэтэр куорат дьаһалтатын баһылыгын кытта сөбүлэһиннэриллибит.
— олохтоммут көрүҥүнэн суруллубут харахтарыыстыкалаах наҕараадалыыр илиис, наҕараадаланыахтаах киһи улуус уонна өрөспүүбүлүкэ тыатын хаһаайыстыбатыгар киллэрбит тус кылаатын көрдөрөр ис хоһоонноох;
— кэлэктиип уопсай мунньаҕын боротокуола (тэрилтэ салайааччыта эбэтэр нэһилиэк баһылыга илии баттааһыннаах).
Бу бэлиэнэн наҕараадаламмыт дьоҥҥо дьаһалталар, тэрилтэлэр бэйэлэрин тустаах үптэриттэн 3000 солк. кээмэйтэн кырата суох суумалаах биир кэмнээх харчынан төлөбүрү туттараллар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: