ЫЙЫТ-ХОРУЙДУУБУТ: “Тыа хаһаайыстыбатын бэтэрээнэ” бэлиэ баар дуо?

Share

— Сааһын тухары сопхуоска үлэлээбит аҕабытыгар наада буолуо диэн ыйытабыт. “Тыа хаһаайыстыбатын бэтэрээнэ” диэн бэлиэ баар үһү. Ону ким ылыан сөбүн туһунан кэпсээҥ эрэ.

Захаровтар.

Ыйытыыга СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын уонна аска-үөлгэ бэлиитикэтин министиэристибэтин пресс-сулууспатын сэкирэтээрэ Анна Сергучева маннык хоруйдаата:

— Биллэрин курдук, бу бэлиэ 2016 с. министиэристибэ анал бирикээһинэн бигэргэммитэ. “Саха сирин Тыатын хаһаайыстыбатын бэтэрээнэ” бочуоттаах бэлиэ холкуостар, сопхуостар, кэлэктиибинэй тэрилтэлэр, аахсыйалаах уопсастыбалар, пиэрмэр, бааһынай уонна кэтэх хаһаайыстыбалар, аҕа ууһун общиналарын, тыа хаһаайыстыбатын кэпэрэтииптэрин, көмөлтө хаһаайыстыбаларын, аренднай тэрилтэлэрин, тыа хаһаайыстыбатын үөрэтэр тэрилтэлэрин өрөспүүбүлүкэ бу салаатыгар 25‑тэн итэҕэһэ суох сыл үлэлээбит, тыа хаһаайыстыбатын уонна агробырамыысыланнас комплексын сайдыытыгар тус кылааттарын киллэрбит үлэһиттэргэ ананар.

“Саха сирин Тыатын хаһаайыстыбатын бэтэрээнэ” бочуоттаах бэлиэнэн наҕараадалыыры СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын уонна аска-үөлгэ бэлиитикэтин министиэристибэтин наҕараадалыыр хамыыһыйата быһаарар уонна туһааннаах бирикээс тахсар. Маннык докумуоннар ирдэнэллэр:

— тыа хаһаайыстыбатын управлениетын (департамент) салайааччытын миниистир аатыгар хадатаайыстыбата, улуус (оройуон) эбэтэр куорат дьаһалтатын баһылыгын кытта сөбүлэһиннэриллибит.

— олохтоммут көрүҥүнэн суруллубут харахтарыыстыкалаах наҕараадалыыр илиис, наҕараадаланыахтаах киһи улуус уонна өрөспүүбүлүкэ тыатын хаһаайыстыбатыгар киллэрбит тус кылаатын көрдөрөр ис хоһоонноох;

— кэлэктиип уопсай мунньаҕын боротокуола (тэрилтэ салайааччыта эбэтэр нэһилиэк баһылыга илии баттааһыннаах).

Бу бэлиэнэн наҕараадаламмыт дьоҥҥо дьаһалталар, тэрилтэлэр бэйэлэрин тустаах үптэриттэн 3000 солк. кээмэйтэн кырата суох суумалаах биир кэмнээх харчынан төлөбүрү туттараллар.

What’s your Reaction?
+1
6
+1
1
+1
0
+1
0
+1
4
+1
2
+1
5

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Өрөйүҥ-чөрөйүҥ, олоҥхо истэр кэм кэллэ

“Бүгүҥҥү күҥҥэ саамай улахан ситиһиибитинэн олоҥхону толорор ыччаппыт, эр дьоммут элбээбитэ буолар. Кинилэри түүн да…

10 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Абхазияҕа туох буолла?

Абхазияҕа ааспыт нэдиэлэттэн өрө туруу баран, бэрэсидьиэннэрин быыбара болдьоҕун иннинэ ыытыллар буолла. Сэтинньи 15 күнүгэр…

55 минут ago
  • Итэҕэл
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Күн-дьыл туруга: сэтинньи 23 күнэ

Бу күннэргэ күн-дьыл туруга хайдаҕый? Күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр туох дииллэрий? Өрөспүүбүлүкэ арҕаа, хотугулуу-арҕаа улуустарыгар, Өлүөнэ…

2 часа ago
  • Сонуннар

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юрист өҥөтө босхо буолуохтааҕын биһирээтэ

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…

14 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Пушкин института 2024 сыл тылын быһаарда

А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…

15 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ

Екатерина Снежко: «Билиҥҥи кэмҥэ барыбыт кыһалҕабыт биир»

Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…

16 часов ago