Ыйыт-хоруйдуубут: Уоппуска ылабын дуо?

Share

Ыйытыы: Мин үлэлиир биэнсийэлээхпин уонна 4 чааска арааран төлөбүрэ суох (без содержания) уоппусканы 14 халандаарынай күн ылыахпын баҕарабын. Тэрилтэм маннык уоппус­каны биэрэри аккаастыан сөп дуо?

Ыйытыыга хоруйдуур  Култуура үлэһиттэрин Бүтүн Арассыыйатааҕы идэлээх сойууһун Саха сиринээҕи өрөспүүбүлүкэтээҕи тэрилтэтин бэрэссэдээтэлэ Анастасия Самсонова:

– РФ Үлэҕэ кодексын (ҮК) 128 ыстатыйатын 1 чааһыгар олоҕуран үлэһиккэ дьиэ кэргэнин балаһыанньатынан уонна атын да төрүөтүнэн төлөбүрэ суох уоппусканы биэриэххэ сөп. РФ ҮК 128 ыстатыйатын 2 чааһыгар олоҕуран сорох түгэҥҥэ үлэни биэрээччи маннык күннэри биэриэн сөп, холобура, үлэлиир биэнсийэлээхтэргэ. Кинилэр сыл устата (ҮК 128 ыстаты­йатын 2 чааһа 3 абзац) 14 халандаарынай күнү бэйэлэрин суоттарыгар ылар бырааптаахтар.

Үлэ кодекса төлөбүрэ суох уоппуска саамай кыччаабыта төһө хонуктаах буоларын чопчулаабат. Ону тэҥэ маннык уоппусканы хас күн биэрэр туһунан сокуонунан эбээһинэс көрүллүбэт. Онон үлэһити кытта маннык уоппуска болдьоҕун (би­­риэмэтин) бэйэлэрэ быһаарсаллар, онон уоппусканы кыра кыратык биэриини дуогабардаһыахтарын сөп. Үлэни биэрээччи хас баҕарар күннээх ыйыллыбыт уоппусканы биэрэр эбээһинэстээх, ол иһигэр хас даҕаны чааска арааран.

What’s your Reaction?
+1
7
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электроыстаансыйа (ГПУ)…

5 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

СҮБЭҺИТ: Сылгы эмиһин хайдах быһаарабытый?

Сахаҕа сылгы сүдү суолталаах, ону кытта сылгы идэһэ биир мааны аһылыгынан биллэр. 1980–1990‑с сылларга тэҥнээтэххэ,…

20 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Усуйаана улууһугар икки киһи сүппүт

Бүгүн, сэтинньи 23 күнүгэр, Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан  иһитиннэрии киирбит. Кини 1999 уонна…

24 минуты ago
  • Сонуннар
  • Спорт

Доҕордуу көрсүһүүгэ икки хамаанда күөн көрүстэ

Уус Алдан улууһугар Тиит Арыыга 16 сылын доҕордуу көрсүһүү үрдүк тэрээһиннээхтик ыытылынна. Манна Тиит Арыыттан…

49 минут ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Тускул: «Кэлэр нэдиэлэттэн улахан сылыйыы буолуоҕа»

Бу күннэргэ дойду бары сиригэр-уотугар өтөрүнэн бэлиэтэммэтэх сылыйыы буола турарын туһунан Арассыыйа Гидромет киинин научнай дириэктэрэ…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

Норуот ньыматынан эмтэнии

Былыр аныгы курдук аптека да, балыыһа даҕаны диэн суох. Онон хас эмэ үйэ тухары көлүөнэттэн…

2 часа ago