Ыйыт — хоруйдуубут: Уоппускаттан үлэ биэрээччи эрдэ ыҥырар бырааптаах дуо?
Уоппускаттан үлэ биэрээччи ыҥырар бырааптаах дуо?, — диэн «Саха сирэ» саайт ааҕааччылара ыйыталлар. Бу ыйытыкка «Онлайнинспекция.РФ» портал исписэлиистэрэ хоруйдаатылар.
— Оннук, сокуонунан үлэ биэрээччи уоппускаттан ыҥырар бырааптаах. Чуолаан, РФ Үлэ Кодексатын нуорматынан үлэһити үлэ биэрээччи сөбүлэҥин ылан эрэ баран үлэтигэр эрдэ, уоппуска бүтүөн иннинэ, ыҥырар бырааптанар. Оттон туһаныллыбатах уоппускатын күннэрин сыл устата ылан хайаатар да туһаныахтаах, эбэтэр хаалбыт хонуктарын аныгыс сылга уоппуска күннэригэр холбуур көҥүллэнэр.
Оттон уоппускаттан үлэһит бэйэтин сайабылыанньатынан эрдэ таһаарар сокуонунан көҥүллэммэт. Ол курдук, үлэһити уоппускаттан эрдэ таһаарарга үлэ биэрээччи бэйэтэ быһаарыы ылыныахтаах уонна бирикээс таһаарыахтаах.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: