Ыйыт-хоруйдуубут: Уоту туһаныы кээмэйин диапазоннара
Бу күннэргэ биһиги ааҕааччыбыт уоту туһаныыга төлөбүр туһунан мунаахсыйан ыйытыы биэрбит.
Ыйытыы: Уоту туһаныы тарыыбыгар диапазон диэн ааҕыллар буолбут. Уоту туттууҥ 5000 кВт-тан таҕыста да, тарыыбы үрдэтэр буолбуттар. Аны маннык буолбут дуо? Ким билэр?
Ыйытыыга «ДЭК» филиала Якутскэнергосбыт тэрилтэ маннык хоруйдаата:
Саха Өрөспүүбүлүкэтин сиригэр-уотугар электричество уотунан туһанааччыларга уонна онуоха сыһыаннаах категорияларга уоту туһаныы кээмэйин диапазона СӨ Сыана бэлиитикэтин кэмитиэтин 10.12.2024 с. 239 №-дээх уурааҕынан бигэргэтиллибитэ.
2025 сылга электрическэй сылытар установкалара суохтарга тарыып маннык кээмэйэ олохтонно:
— бастакы диапазоҥҥа 1200 кВт*ч диэри;
— иккис диапазонҥа – 1845 кВт*ч диэри;
— үһүс диапазонҥа – 1846 кВт*ч үөһэ.
Ону таһынан, электрическэй сылытар установкалаахтарга тарыып дьыл кэмиттэн тутулуктаах хааччахтааһын туттуллар. Балаҕан ыйыттан ыам ыйыгар диэри маннык:
— бастакы диапазонҥа – 3900 кВт*ч диэри;
— иккис диапазонҥа – 6000 кВт*ч диэри;
— үһүс диапазонҥа – 6001 кВт*ч үөһэ.
Бэс ыйыттан атырдьах ыйыгар диэри, хааччахтааһын уотунан сылытар тэриллэрэ суох тарыыптар кээмэйдэрин курдук олохтоноллор (үөһээ көр).
Дифференциация дьиэ кэргэн туһаныытыгар дьайбат гына тарҕанар. Саха сирин олохтоохторо күннээҕи уотунан туттууга улаханнык билиэхтэрэ суоҕа. Холобур быһыытынан, 3 хостоох кыбартыыраҕа олорор 4 киһилээх дьиэ кэргэн уотун ороскуотун ылыахха. Ортотунан бу сыыппара 150 кВт*ч таһымҥа буолуоҕа. Тыа сиригэр чааһынай дьиэҕэ биир ыал ыйга ортотунан 350-400 кВт.ч. туттуо. Уотунан сылытыыга даҕаны, уоту туһаныы кээмэйин араастаһыытын диапазона бастакы таһымтан быдан кыра буолуо – 2500 кВт*ч кэриҥэ.
Үөһэ ыйыллыбыт хааччахтыыр көрдөрүүлэр өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн элбэх оҕолоох ыалларга уонна элбэх кыбартыыралаах дьиэлэргэ уопсай баайы-дуолу көрүүгэ-истиигэ ороскуоттаммыт туһаныы кээмэйигэр сыһыана суохтар.
Тарыыбы туһаныыга ый аайы уоту туттааччылар ыытар көрдөрүүлэрэ учуоттаныахтара, онон счетчик көрдөрүүлэрин өрүү ыытар олус наадалаах, тоҕо диэтэххэ, кэмигэр ыытыллыбакка ыйдааҕы туһаныы кээмэйин аһарыыга тириэрдиэн сөп, ол уот төлөбүрүн үрдэтэр.
Ону тэҥэ, тарыып көрдөрүүтүн сыыһа туттууттан аһара элбэх төлөбүрү оҥорбот туһугар, олорор дьиэлэргэ электрическэй ититэр установкалар баалларын туһунан энергетиктэргэ иһитиннэриэххэ наада.
СӨ Сыана бэлиитикэтин кэмитиэтин 10.12.2024 с. 239 №-дээх уурааҕынан бигэргэтиллибит билиҥҥи тарыыбы ДЭК сайтыгар киирэн көрүөххэ сөп.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: