Ыйыт-хоруйдуубут: үрдэтэр коэффициент туһаныллар дуо?
Күндү ааҕааччыларбыт! Өрөспүүбүлүкэҕэ киэҥ хабааннаах тэрээһиннэр түмүктэннилэр. Аны күргүөмүнэн окко киирии саҕаланна. Сорохтор окко киириэх иннинэ дьиэ-уот туттан, үлэлэрин үмүрүтэллэр. Абитуриеннар үөрэх туттарса куоракка кэллилэр. Онон, быһата, сайыҥҥы түбүктээх күннэр үүннүлэр. Ол быыһыгар от ыйын куйаас күннэрэ cатыылаатылар. Дьон-сэргэ син биир үлэтин быыһыгар хаһыаты, саайты ааҕар. Бүгүн киирбит ыйытыыларынан хоруйдары таһаарабыт.
– Хомунаалынай өҥө төлөбүрүн кээмэйин быһаарыыга ханнык түгэҥҥэ үрдэтэр коэффициент туһанылларый?
Ыйытыыга СӨ Судаарыстыбаннай тутууну уонна дьиэни-уоту кэтээн көрүүгэ управлениета маннык хоруйдуур:
– Тымныы ууну, итии ууну, уоту ааҕар анал (индивидуальнай) эбэтэр уопсай (кыбартыыраҕа) приборгут суох уонна ороскуоту ааҕар маннык прибору туруорар эбээһинэстээх буоллаххына (ону туруорарга тиэхиньиичэскэй өттүнэн кыаллар түгэнигэр), тымныы, итии уунан уонна уотунан хааччыйыыга үрдэтиллибит коэффициент туһаныллар, бу кээмэйэ ити 2017 сыл тохсунньу 1 күнүттэн 1,5 тэҥнэһэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: