Ыйыт-хоруйдуубут: Ханнык түгэҥҥэ билиэти төннөрүөххэ сөбүй?
12.10.2024, 11:30
Бөлөххө киир:
Ыйыт-хоруйдуубут: Ханнык түгэҥҥэ билиэти төннөрүөххэ сөбүй? Бу ыйытыкка юристар маннык хоруйдууллар.
Өскөтүн ханна эрэ айаннаары билиэт атыылаһан баран, болдьоҕор айаннаабакка хаалар түгэҥҥэ сыанатын харчынан төннөрүөххэ сөп. Ханнык түгэҥҥэ?
- Өскөтүн билиэт хаһаайына эбэтэр кини дьиэ кэргэниттэн барсыахтаах киһи ыарыйдаҕына;
- Билиэт хаһаайынын дьиэ кэргэниттэн ким эмит өллөҕүнэ (ийэ, аҕа, кэргэн, оҕо, эһэ, эбэ);
- Рейс уһатылыннаҕына эбэтэр көһөрүлүннэҕинэ;
- Айана тэрийээччи билиэккэ ыйыллыбыт миэстэни биэрбэтэҕинэ;
- Аэропорка өр көрүүгэ (досмотр) хаайтаран, рейскэ хойутаатахха.
Ол курдук, пассажир бэйэтэ эбэтэр айаҥҥа барсыахтаах аймах аргыһа ыарыйдаҕына эбэтэр өллөҕүнэ тутатына айана тэрийээччигэ биллэрэр булгуччулаах.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: