Дьиэ атыылаһаргытыгар хаһаайынтан ыспыраапка көрдүүргүтүн умнумаҥ
Дьиэ атыылаһаргытыгар урукку хаһаайынтан ыспыраапка көрдүүргүтүн умнумаҥ
— Кыбартыыра атыыласпытым кэннэ биир ый буолан баран, хапытаалынай өрөмүөҥҥэ иэстээххин диэн иһитиннэрии сурук туппутум.
Ыйытыыга “СӨ Элбэх кыбартыыралаах дьиэлэри хапытаалынай өрөмүөннээһиҥҥэ пуондата” кэмиэрчэскэйэ суох тэрилтэ дьиэни бас билээччилэри кытта үлэҕэ отделын начаалынньыга Саида Петрова маннык хоруйдаата:
— РФ Дьиэ-уот кодексыгар олоҕуран, элбэх кыбартыыралаах дьиэҕэ баар дьиэҕэ (кыбартыыраҕа) бас билии бырааба саҥа бас билээччигэ көһөр түгэнигэр бу иннинээҕи бас билээччи киһи хапытаалынай өрөмүөн ороскуотун төлөбүрүгэр эбээһинэһэ саҥа хаһаайыҥҥа көһөр, ол иһигэр урукку хаһаайын хапытаалынай өрөмүөҥҥэ иэһэ эмиэ.
Онон сибээстээн, дьиэ атыылаһаргытыгар хомунаалынай өҥөҕө иэс суоҕун туһунан ыспыраапканы сэргэ хапытаалынай өрөмүөн усунуоһугар иэс суоҕун туһунан эмиэ ирдииргитигэр сүбэлиибит. Бу ыспыраапканы дьиэни атыылыыр киһи СӨ Элбэх кыбартыыралаах дьиэни хапытаалынай өрөмүөннээһин пуондатыттан ылыан сөп.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: