Салгыы
«Ыйытыыбытыгар эппиэт ылыахпыт диэн эрэнэбин»

«Ыйытыыбытыгар эппиэт ылыахпыт диэн эрэнэбин»

25.09.2024, 16:30
СИА хаартыската.
Бөлөххө киир:

Балаҕан ыйын 24 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев быһа эпииргэ тахсыбыта. Саха сирин олохтоохторо ол туһунан санааларын үллэстэллэр.

Хаартыска: В.Степанова.

Венера Степанова, Күндээдэ нэһилиэгин Сэбиэтин дьокутаата (Ньурба):

— Биһиги нэһилиэкпит электрическэй уотунан бүттүүн сылыттан олорор нэһилиэктэртэн бастакылара. Онон уотунан хааччыллыы хаачыстыбатыттан олохпут тутулуктаах диэтэхпинэ, күүркэтии буолбат дии саныыбын. Ол курдук, маһынан оттуллар оһоҕо суох ыалга уот бардаҕына, оһохтоох ыалга көһөллөрө баар суол.

Айсен Сергеевич  быһа эпииргэ тахсан кэпсэтиитигэр электричэскэй уотунан хааччыллыыны тупсарыыга Уһук Илин эрэгийиэн үрдүнэн сыаллаах-соруктаах үлэ былаана ылыллыбытын, ол иһигэр Сахабыт сиригэр уотунан хааччыллыы тиһигэ бөҕө уонна хаачыстыбалаах буоларын ситиһэр сорук турарын эппитин олус сэргии иһиттим.

Арассыыйаҕа олоххо киирэр национальнай бырайыактарга төһө кыалларынан кыттыһан үлэлэһэн иһиини өрөспүүбүлүкэбит бырабыыталыстыбата иилээн-саҕалаан ыытарын сэргиибин. Холобур, «Үөрэхтээһин» бырайыак иһинэн быйыл күһүн биһиги нэһилиэкпит оскуолатыгар химия уонна физика кабинеттара кэллилэр. Аны үөрэхтээһин эйгэтигэр каадырынан хааччыллыыга сүрүн болҕомто ууруллуо диэбитин үөрэ иһиттим. Кистэл буолбатах, ханна да учуутал тиийбэтин туһунан элбэхтэ истэбит. Оттон хаачыстыбалаах үөрэхтээһин каадыртан тутулуктааҕа саарбахтаммат.

Бэриллэр ыйытыылар экирээҥҥэ тахса туралларын сөбүлээтим. Холобур, биһиги нэһилиэкпит аннынан Бүлүү эбэҕэ хаһан муоста тутуллуой диэн боппуруос тахсыбыта. Олох эйгэтин тупсуутун, олорор олохпут хаачыстыбата үрдээһинин кытта бу ыкса сибээстээх ыйытыкка эппиэт ылар инибит диэн эрэнэ саныыбын.

Өрөспүүбүлүкэбит салалтатыгар үгүс киһи махталыгар, үтүө баҕа санааларыгар кыттыһан, быһа биэриини бэркэ сэргээн-сэҥээрэн көрдүм-иһиттим.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -37°C
  • Ощущается: -37°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: