«Килбиэннээх үлэ албан аатын куората» комплекс бырайыагын билиһиннэриэхтэрэ

Share

Аҕа дойду көмүскээччилэрин күнүгэр Дьокуускай куоракка Кыайыы пааркатыгар “Килбиэннээх үлэ албан аатын куората” мемориальнай комплекс бырайыагын билиһиннэриэхтэрэ.  

РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин 2022 сыл сэтинньи 15 күнүнээҕи ыйааҕынан Дьокуускай куоракка “Килбиэннээх үлэ албан аатын куората” бочуоттаах ааты иҥэрбитэ.

Б.дь. олунньу 23 күнүгэр Дьокуускайга сүдү суолталаах мемориальнай комплекс бырайыагын билиһиннэриэхтэрэ. Комплекс сүрүн эбийиэгинэн киин куорат олохтоохторун төрөөбүт дойдуларын сайдыытын туһугар үлэҕэ ситиһиилэрин кэрэһилиир Аарка буолуоҕа. Ааптар — Денис Стритович. Кини хас биирдии албан ааттаах куоракка  ураты бырайыагы оҥорон олоххо киллэрэр. Москва скульптора бырайыак хас да макетын билиһиннэрбититтэн, биирин таллылар. Билиһиннэрии кэнниттэн бырайыактыыр-сметалыыр документацияны оҥорон барыахтара.

Мемориальнай комплексы быйыл бүтэрэн,  балаҕан ыйыгар Куорат күнүгэр үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһыллыыта буолуоҕа.

Дьокуускай куоракка ““Килбиэннээх үлэ албан аатын куората”  бочуоттаах ааты иҥэрии сүрүн төрүөтэ – Оборуона министиэристибэтигэр Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр байыаннай сөмөлүөттэр көтүүлэрин тэрийбит «АлСиб» авиационнай дивизия Үлэ Кыһыл Знамята уордьанынан наҕараадаланыыта уонна  Саха сириттэн сылдьар Сэбиэскэй аармыйа салааттара ньиэмэс  халабырдьыттарын утары дьоруойдуу бойобуой кыргыһыылара уонна тыылга өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун кыайыыны уһансыыга үлэлэрэ, фроҥҥа үбүнэн, түүлээх таҥаһы тигэн өйөбүллэрэ.

«Мин Аҕа дойду Улуу сэриитин сылларыгар бэйэлэрин харыстаммакка туран, дьаныардаартык кыайыыны уһансан үлэлээбит дьоммут кэриэһин үйэтитиигэ үлэлэспит Ил Түмэн норуодунай дьокутааттарыгар уонна уопсастыбаннаска истиҥ махталбын тиэрдэбин.  Биһиги бары түмсүүлээхтик икки сыл устата туруорсан, бу түмүгү ситистибит. Сахабыт сирин устуоруйатыгар биир саамай бэлиэ түгэн — Аҕа дойду Улуу сэриитин сылларыгар Кыайыыны чугаһаппыт аҕа саастаах дьоммут үлэлэрин түмүгэ”, — диэн Дьокуускай куоракка ““Килбиэннээх үлэ албан аатын куората”  бочуоттаах ааты иҥэрии туһунан сонуну истэн баран, бар дьонугар махтал тылларын анаабыта.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сыымахха Васильевтар үлэлэригэр атынан сылдьаллар

Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Сыымахха командировкаҕа сылдьан,  киһи кэрэхсиир түгэнин көрөн, сырдатарга сананным. Васильевтар…

2 минуты ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Сэрии кэмигэр тутуллубут өстүөкүлэ собуота

Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии уустук сылларыгар тыыл үлэтэ байыаннай балаһыанньа ыйарынан былааннанара. «Барыта фроҥҥа, барыта…

47 минут ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Билиэн-көрүөн баҕалаахха: куоска минньигэс амтаны билэр дуо?

Маны билэҕит дуо? Куоска минньигэс амтаны билэр дуо? Оттон саамай улахан кинигэ төһө ыйааһыннаах буолуо…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ» хамсааһын 25 сыла!

Бүгүн, ахсынньы 11 күнүгэр, Бырабыыталыстыба дьиэтигэр, Өрөспүүбүлүкэ саалатыгар "Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ" үтүө дьыала…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Быйыл 6 муоста тутулунна

2024 сылга Саха сиригэр «Безопасные качественные дороги» бырагырааманан алта муостаны туттулар. Бу туһунан массыына суолун…

2 часа ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Маны билэҕин дуо?  Бит-билгэ

Бит-билгэ туһунан төһө билэҕин? Киэһэ хойут дьиэҕит муостатын сууйар буоллаххытына, этэҥҥэ сылдьыыгытын, үтүө туруккутун сууйаҕыт.…

3 часа ago