«Үлэ бэтэрээнин» хайдах биэрэллэрий?

Share

     Урут үлэ бэтэрээнин статуһун сэбиэскэй сокуон быһаарар этэ. 2006 сылтан сорох боломуочуйаны эрэгийиэннэр дьаһалталарыгар биэрбиттэрэ. Эрэгийиэннэр бэйэлэрэ эбии төлөбүрдэри олохтуур кыахтаммыттара.

2016 сыллаахха РФ бырабыыталыстыбатын 578 №-дээх уурааҕа тахсыбыта. Бу кэнниттэн федеральнай министиэристибэлэр, сулууспалар, ааҕыныстыбалар үлэ бэтэрээнин аатын ыларга бэйэлэрэ туспа бэлиэлэри олохтообуттара.

Холобур, миэдик ыстааһа хапсар буоллаҕына, РФ доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин Бочуоттаах грамотатынан наҕараадаланнаҕына, үлэ бэтэрээнэ буолар.

РФ үпкэ министиэристибэтэ олохтообут “Отличник финансовой работы” бэлиэтин, сибээс министиэристибэтэ олохтообут “Мастер связи” бэлиэтин, Суут бириистэптэрин федеральнай сулууспаларын “Ветеран Федеральной службы судебных приставов” мэтээли ылбыт дьон федеральнай таһымнаах үлэ бэтэрээннэрэ буолаллар. Ирдэнэр ыстаас – эр дьоҥҥо 25 сыл, дьахталларга 25 сыл. Ол эрээри, таба өйдүөххэ наада, үгүс Арассыыйатааҕы сойуустар бэлиэлэрэ, Бочуоттаах грамоталара, Махтал суруктара биэдэмистибэннэй наҕараадаҕа киирсибэттэр, онон “Үлэ бэтэрээнэ” статуһу биэрбэттэр.

Үлэ бэтэрээнигэр чэпчэтиилэри эрэгийиэн бэйэтэ олохтуур, онон дойду үрдүнэн араастаһар буолуохтарын сөп. Холобур, Москваҕа олохтоох үлэ бэтэрээннэрэ ханнык баҕарар уопсастыбаннай тырааныспарга (такситтан ураты) босхо айанныыллар, хомунаалынай өҥөҕө 50 %-наах чэпчэтиинэн туһаналлар, сибээс ороскуотугар кинилэргэ ЕДВ төлөнөр, тиис быратыаһын босхо оҥортороллор, сонотуоруйга-куруорка босхо эмтэнэллэр.

Оттон Саха сиригэр 2017 сыллаах «О ветеранах труда Республики Саха (Якутия)» сокуон чэрчитинэн, үлэ бэтэрээнин биэнсийэтигэр харчынан эбии төлөбүр (ЕДВ) уонна хомунаалынай өҥөнү толуйуу (ЖКУ) төлөнөр. Дьокуускайдааҕы социальнай көмүскэл управлениета иһитиннэрбитинэн, 2022 сылга бу төлөбүр уопсай суумата 32 532 солкуобайга тэҥнэспит, ол иһигэр: харчынан эбии төлөбүр  – 13 284 солкуобай, хомунаалынай өҥөнү толуйуу – 19 248 солкуобай.

2023 сылга үлэ бэтэрээннэригэр суумата бэрт кыратык үрдээн, ый аайы ЕДВ – 1162 солкуобай, ЖКУ – 1604 солкуобай (барыта холбоон 2766 солкуобай) биэнсийэҕэ эбии төлөнөр.

РФ үлэ бэтэрээнэ

Бу аат кимнээххэ бэриллэрий?

ССРС уонна РФ судаарыстыбаннай уордьаннарынан, мэтээллэринэн уонна бочуоттаах званиеларынан; РФ бэрэсидьиэнин Бочуоттаах грамотатынан, Махтал суругунан; 15 сылтан кырата суох бэйэлэрин хайысхаларынан эҥкилэ суох үчүгэй үлэлэрин иһин биэдэмистибэннэй бэлиэлэринэн наҕараадаламмыт, эр дьоҥҥо 25 сылтан, дьахталларга 20 сылтан итэҕэһэ суох ыстаастаах дьоҥҥо; Аҕа дойду сэриитин саҕана сокуоннай саастарын туолбакка сылдьан үлэлээн саҕалаабыт уонна 40 сыл (эр дьоҥҥо), 35 сыл (дьахталларга) ыстаастаах дьоҥҥо. Сайабылыанньаны биэрээччилэр олорор сирдэригэр бырапыыскалаах буолуохтаахтар.

Ханнык докумуон ирдэнэрий?

  1. Сайабылыанньа.
  2. Пааспар.
  3. Үлэ киниискэтэ (Киниискэ куопуйатыгар бары толоруллубут лиистэргэ үлэ тэрилтэтин каадырга отделынан бэчээт, илии баттааһына туруоруллубут буолуохтаах).
  4. Байыаннай билиэт.
  5. Наҕараада дастабырыанньата.
  6. ИП регистрациятын туһунан сибидиэтэлистибэ (урбаанньыт буоллаҕына).
  7. Биэнсийэ пуондатыттан биэнсийэ страховой чааһыгар харчы түһүүтүн туһунан ыспыраапка (урабыынньыттарга).
  8. Ааты, араспаанньаны уларыппыт туһунан докумуоннар.
  9. Хаартыска 3х4 – 1 уст.
  10. СНИЛС.
  11. Тус счет (сберкиниискэ, эбэтэр баан каартата).

“Үлэ бэтэрээнэ” ааты иҥэрии болдьоҕо – 30 күн.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин үлэ бэтэрээнэ

Кимиэхэ бэриллэрий?

  • Саха Өрөспүүбүлүкэтин “Полярная звезда” уордьанынан, “Гражданская доблесть” бэлиэнэн наҕараадаламмыт, “СӨ Бочуоттаах олохтооҕо” ааты ылбыт, үлэлэригэр бэйэлэрин хайысхаларынан “үтүөлээх” аатынан бэлиэтэммит, өрөспүүбүлүкэҕэ олорор кэмнэригэр 25 сыл (эр дьоҥҥо), 20 сыл (дьахталларга) үлэ ыстаастаах дьоҥҥо;
  • “Дьоруой Ийэ” аатынан, “Ийэҕэ үрдүк махтал” бэлиэнэн, “Ийэ Албан аата” мэтээлинэн наҕараадаламмыт, Арктика зонатыгар олорон, түөртэн элбэх оҕону төрөппүт дьахталлар тута “Үлэ бэтэрээнэ” ааты ылаллар. Кинилэргэ ирдэнэр ыстаастара 20 сылтан 10 сылга диэри көҕүрүүр.
  • 40 сыл (эр дьоҥҥо), 35 сыл (дьахталларга) страховой үлэ ыстаастаах (ол иһигэр, Саха сиригэр эр дьон кырата 25 сыл, дьахталлар 20 сыл ыстаастаах, идэлэринэн 15 сыл үлэлээбит буолуохтаахтар) дьоҥҥо.

Ханнык докумуон ирдэнэрий?

  1. Сайабылыанньа.
  2. Пааспар.
  3. Үлэ киниискэтэ (киниискэ куопуйатыгар бары толоруллубут лиистэргэ үлэ тэрилтэтин каадырга отделынан бэчээт, илии баттааһына туруоруллубут буолуохтаах).
  4. Байыаннай билиэт.
  5. Наҕараада дастабырыанньата.
  6. ИП регистрациятын туһунан сибидиэтэлистибэ (урбаанньыт буоллаҕына).
  7. “Форма 39-1” ыспыраапка (урбаанньыттарга – нолуок сулууспатыттан).
  8. Биэнсийэ пуондатыттан биэнсийэ страховой чааһыгар харчы түһүүтүн туһунан ыспыраапка (урбаанньыттарга).
  9. Ааты, араспаанньаны уларыппыт туһунан докумуоннар.
  10. Хаартыска 3х4 – 1 уст.
  11. СНИЛС.
  12. Тус счет (сберкиниискэ, эбэтэр баан каартата).

Үлэ бэтэрээнэ аатын иҥэрии болдьоҕо – 30 күн.

Харчынан төлөбүрү анааһын

Тыыл, үлэ бэтэрээннэригэр, бэлитиичэскэй репрессия сиэртибэлэригэр ыйдааҕы харчынан төлөбүр (ЕДВ) төлөнөр.

Кырдьар саастарынан биэнсийэҕэ тахсыбыт дьоҥҥо (эбэтэр 55 саастарын туолбут эр дьон, 50 саастарын туолбут дьахталлар эрдэ биэнсийэҕэ тахсыбыт буоллахтарына) үлэлээн бүппүт да буоллахтарына, тыыл бэтэрээннэригэр, бэлитиичэскэй репрессия сиэртибэтинэн билиниллибит, реабилитацияламмыт дьоҥҥо бэриллэр.

2023 сылга ЕДВ төлөбүрүн кээмэйэ төһөнүй?

Үлэ бэтэрээннэригэр – 1162 солкуобай (манна 537 солкуобай айан бырайыаһа киирэ сылдьар);

Тыыл бэтэрээннэригэр – 1880 солкуобай (манна айан бырайыаһа – 537 солкуобай уонна эмкэ 841 солкуобай киирэр);

Репрессияламмыт дьоҥҥо – 2654 солкуобай (манна айан бырайыаһа – 537 солкуобай уонна эмкэ 841 солкуобай киирэр).

Ирдэниллэр докумуоннар:

  1. Пааспар.
  2. Чэпчэтиинэн туһанар туһунан дастабырыанньа, эбэтэр, сибидиэтэлистибэ.
  3. Сокуоннай бэрэстэбиитэл нотариуһунан бигэргэммит дэбиэринэһэ.

Докумуон оҥоһуллар болдьоҕо – 30 күн + 3 үлэ күнэ.

Сонотуоруй-куруорт эмтэниитин толуйуу

Үлэлээбэт, 60 сааһын туолбут үлэ бэтэрээнэ Саха сиригэр баар сонотуоруйга-куруорка баран эмтэнэригэр, сынньанарыгар путевкатын сыанатын 80%-на толуйуллар (үс сылга биирдэ). Эбэтэр, 20% чэпчэиилээх путевканы атыылаһыан сөп.

Ирдэниллэр докумуоннар:

  1. Сайабылыанньа.
  2. Пааспарын, үлэ бэтэрээнин дастабырыанньатын, үлэ киниискэтин, сонотуоруй-куруорт каартатын, баан счетун куопуйалара.
  3. Каасса чиэгэ, путевка быһыллар өттө.

Оҥоһуллар болдьоҕо – 30 күн.

Докумуоннары “Госуслуги” портал, Элбэх өҥөнү оҥорор киин (МФЦ) нөҥүө, эбэтэр, социальнай көмүскэл управлениетыгар баран биэриэххэ сөп.

Кимиэхэ аккаастыахтарын сөбүй?

Ирдэбиллэргэ эппиэттэспэт докумуоннардаах буоллахха:

  • Страховой ыстаас, наҕараада таһыма тиийбэт буоллаҕына;
  • Докумуон тиийбэт буоллаҕына;
  • Ирдэбилгэ эппиэтэспэт докумуону аҕаллахха;
  • Бырапыыскалаах сиртэн атын олорор сиргэ тиийэн, сайабылылыанньаны биэрдэххэ;
  • Сымыйа сибидиэнньэни, докумуону биэрдэххэ.
What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Байыаннай эпэрээссийэ

Үөһээ Бүлүү булчуттара-балыксыттара байыаннай дьайыыга көмөлөрө уҕараабат

Үөһээ Бүлүү улууһун олохтоохторо анал байыаннай дьайыыга сылдьар байыастарга көхтөөхтүк көмөлөһөллөр. Нэдиэлэ аайы улуус булчуттара,…

6 часов ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

Сунтаар олохтооҕо суоппар быраабын ылаары, бэрик биэрбит

2024 сыл бэс ыйыгар Сунтаар улууһун Арыылаах сэлиэнньэтин 19 саастаах олохтооҕо ирдэнэр эксээмэннэри туттарбакка эрэ,…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Ситиһии төрдө туохханый?

Ааспыт үйэ 90-с сылларыгар Мэҥэ Хаҥалас Бэдьимэтигэр  киһи сайдыытыгар ананар чинчийэр үлэ биир түһүмэҕэр  “Айылҕа…

6 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ

Дьокуускай куорат 5-с №-дээх оскуолата байыаннай дьайыыга көмөлөһөр

Бүгүн Дьокуускай куорат Н.О. Кривошапкин аатынан 5-с №-дээх оскуола дириэктэрэ Алексей Семенов, үлэһиттэрэ Лариса Артемьева…

7 часов ago
  • Сонуннар

Нам улууһун салалтата сааскы халааҥҥа бэлэмнэнэр

Нам улууһугар былырыын эмискэ халааннаан, үгүс нэһилиэккэ улахан хоромньуну аҕалбыта. Онон намнар быйыл эрдэттэн сэрэтэр…

7 часов ago
  • Быһылаан
  • Бэрээдэк

Суут бириистэптэрэ кыһыл оҕо итирик дьону кытта сытарын булбуттар

Кулун тутар 12 күнүгэр Дьокуускайга суут бириистэбэ-толорооччу уонна алимены ирдииргэ дознаватель рейдэҕэ сылдьыбыттар. Кинилэр Красильников…

7 часов ago