Үлэ бэтэрээннэрин өйүүргэ 4 млрд солк. тахса үп көрүллүөҕэ
Өрөспүүбүлүкэҕэ үлэ бэтэрээннэрин өйүүргэ 2026 сылга 4 млрд солк. тахса үп көрүллүө диэн Ил Дархан Айсен Николаев Туһаайан этиитигэр иһитиннэрбитэ.
“Биһиэхэ РФ уонна Саха сирин 115 тыһ. үлэ бэтэрээнэ баар. Кинилэри өйүүргэ 4 млрд тахса солк ыытыллыаҕа. Араас салааларга ситиһиилээх үлэлиир дьоҥҥо анаан “Үлэ киһитэ” бириэмийэ олохтоммута”, — диэн бэлиэтээбитэ Ил Дархан.
Үлэ бэтэрээннэригэр Саха сиригэр эбии харчы уонна социальнай харысхал көрүллэр. Социальнай көмө быһыытынан ый ахсын 1370 солк., олох-дьаһах төлөбүрүгэр 1604 солк. түһэр. Өскөтө ЖКУ-га ороскуотуҥ ЕДК -тан ылар суумаҕыттан улахан буоллаҕына, хаттаан аахтарар бырааптааххын. Сайабылыанньаны элбэх хайысхалаах кииҥҥэ, Госөҥөлөр порталга биэрэҕин.
Үлэ бэтэрээнэ АЭБ каартанан оптуобуска чэпчэтиилээх өҥөнөн айанныыр бырааптаах. 2026 сылга биир ыйдаах чэпчэтиилээх айан сыаната 634 солк. буолла.
Санаторнай-курортнай эмтэниигэ көрүллэр чэпчэтии путевка сыанатыттан 80% ылар.
Өскөтө киһи атын төрүөттэринэн хас да социальнай өйөбүл миэрэтигэр сөп түбэһэр буоллаҕына, холобур, үлэ бэтэрээнэ, инбэлиит эбэтэр «Сэрии оҕолоро» диэн ааттанар буоллаҕына — оччоҕо социальнай өйөбүл балартан бииригэр туһааннаах киһи сөбүлэҥинэн оҥоһуллар, диэн иһитиннэрэр Ил Дархан, бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: